Эбээн Бытантайга Хотугу норуоттар оонньуулара саҕаланна
Эбээн Бытантай национальнай улуус Баатаҕай сэлиэнньэтигэр Хотугу норуоттар төрдүс оонньуулара саҕаланна. Успуорт төрүт көрүҥнэригэр сүүстэн тахса спортсмен кыттара күүтүллэр. Итиэннэ «Көс ыал» күрэхтэһии ыытыллыаҕа. Бастакы күн кыттааччылар сэлэлээн хаамыыларыттан саҕаланна.
Табаһыттар төрүт үгэстэрин илдьэ сылдьалларын иһин махтанан уонна кыттааччылары эҕэрдэлээн улуус баһылыга Гавирл Горохов тыл эттэ. СӨ Успуорка уонна физическэй култуураҕа миниистирэ Леонид Спиридонов ситиһиилээх кыттыыны баҕарда уонна тэрийээччилэр күрэхтэһиини үрдүк таһымнаахтык саҕалаабыттарын бэлиэтээн эттэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ Арктика сайдыытыгар уонна Хотугу норуоттар дьыалаларыгар миниистир Владимир Черноградскай Эбээн Бытантай улууһа төрүт норуоттар үгэстэрин уонна култуураларын харыстыырын, илдьэ сылдьарын эттэ. «Манна саха ынаҕын уонна сылгытын туталлар, оттон таба олох солбуллубат чааһынан буолар. Олохтоох иистэнньэҥнэр көлүөнэттэн көлүөнэҕэ национальнай таҥаһы-сабы тиэрдэллэрэ убаастанар», — диэтэ миниистир.
Хотугу норуоттар оонньуулара Саха сиригэр 2010 сылтан Эбээн Бытанатй улууһун көҕүлээһининэн хас түөрт сыл аайы ыытыллар. Быйыл алта улуустан 11 хамаанда тэриллэн, 100-чэ кыттааччы араас көрүҥнэргэ илин-кэлин түсүһүөҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: