Саха сиригэр I Бүтүн Арассыыйатааҕы эдэр финансистар пуорума саҕаланна

Share

Бүгүн, балаҕан ыйын 9 күнүгэр, Дьокуускай куоракка I Бүтүн Арассыыйатааҕы эдэр финансистар пуорума саҕаланна. Тэрээһин дойду араас эрэгийиэннэрин үп салаатын үлэһиттэрин холбоото.

Пуорум аһыллыыта Бырабыыталыстыба дьиэтигэр буолла. Тэрээһин кыттыылаахтарын Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков эҕэрдэлээтэ. Бу пуорум кини этэринэн, судаарыстыбаннай үп-харчы салаатын эдэр исписэлиистэрин икки ардыларыгар уопут атастаһыыга уонна бииргэ үлэлээһиҥҥэ ураты кыах үөскэтэр.

«Пуорум сыала-соруга — бииргэ үлэлээһиннэргэ көдьүүстээх стратегияларын ырытан оҥоруу, билиилээх-көрүүлээх уонна бастыҥ практикаларынан кыттааччылар профессиональнай дьоҕурдарын үрдэтиигэ уопут атастаһыыта буолар», — диэтэ Кирилл Бычков.

Саха сирин премьерэ пуорум аһыллыытыгар, экэниэмикэ уустук усулуобуйатыгар, дойдуга сааҥсыйа киирбит кэмигэр финансистар оруоллара өссө үрдүүрүн бэлиэтээтэ. Чопчу экэниэмикэ туруктаах буоларыгар, финансистар инновационнай быһаарыылары оҥорон хааччыйаллар.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА

Пуорум үөрүүлээх аһыллыытыгар Арассыыйа Дьоруойа уонна «Дьоруойдар кэмнэрэ» бырагыраама кыттыылааҕа Игорь Юргин, Госдуума дьокутаата, Госдуума экэнэмиичэскэй бэлиитикэҕэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Артем Кирьянов уонна Үп миниистирин  солбуйааччы э.т. Иван Алексеев кытыннылар.

Пуорум ыҥырыллыбыт эспиэрдэрин ортолоругар РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыыларыгар миниистирин бастакы солбуйааччы Гаджимагомед Гусейнов, Арассыыйа баанын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Алексей Гузнов, ону тэҥэ РФ Бырабыыталыстыбатын иһинэн научнай-чинчийэр институтун, ВТБ, СБЕРбаан, Газпромбаан, Альфа-баан, Промсвязьбаан, АТБ уонна АЭБ кытыннылар.

Дьокуускайга  Бүтүн Арассыыйатааҕы эдэр финансистар пуорумугар дойду 24 эрэгийиэниттэн, ол иһигэр ДНӨ, Запорожскай уобалас уонна Крым Өрөспүүбүлүкэтин бэрэстэбиитэллэрэ кэлбиттэр. Пуорум чэрчитинэн эспиэртэри кытта кэпсэтии, дьыалабыай оонньуулар уонна спортивнай тэрээһиннэр ыытыллыахтара.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

14 часов ago