Саха сиригэр иһэр уу саҥа «тымырын» буллулар
Аллараа Бэстээххэ иһэр уу саҥа «тымырын» буллулар диэн Саха сирин Бырабыыталыстыбата иһитиннэрдэ.
«Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр иһэр уу саҥа «тымыра» баар буолуоҕа. Гидрогеологтар 100 миэтэрэ дириҥнээх икки скважинаны хаһан бүтэрдилэр», — диэн пресс-сулууспаҕа бэлиэтээтилэр. Лабораторнай чинчийиилэргэ уу боруобатын ыллылар, билигин матырыйаалы үөрэтии үлэтэ бара турар.
Саха сирин Бырабыыталыстыбатын дааннайынан, кэнники биэс сылга гидрогеологтар Саха сиригэр 80-тан тахса иһэр уу сир тымырын булбуттар, онтон сир аннынааҕы иһэр уулаах учаастакка 230-тэн тахса эбийиэк көстүбүт.
Өрөспүүбүлүкэҕэ сир аннынааҕы уу саппааһа сууккаҕа 738 тыһ. куб. тэҥнэһэр. Бу Уһук Илин уокурук кээмэйиттэн 10%-нын кэриэтэ ылар. Итини таһынан быһа холоон иһэр уу саппааһа сууккаҕа 67 мөлүйүөн кубометрга тиийэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: