Саха сиригэр ийэ үүтүн баана баар буолла

Share

Атырдьах ыйын 3 күнүгэр М.Е.Николаев аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһаҕа-Мэдиссиинэ национальнай киинигэр умнуллубат түгэн буолла – Ийэ үүтүн баана аһылынна.

Мэдиссиинэ национальнай киинин генеральнай  дириэктэрэ Станислав Жирков эҕэрдэ тылыгар эппитинэн, Мэдиссиинэ национальнай киинэ «Оҕоҕо үтүө санаалаах балыыһалар” диэн аан дойду статустаах. Ол эбэтэр манна оҕо төрөөтүн кытары ийэ уонна кырачаан киһи бииргэ буолаллара, ийэлэр оҕолорун бэйэлэрэ суулууллара, эрдэттэн эмиий үүтүнэн  эмтэрэллэрэ биһирэнэр. Перинатальнай киин исписэлиистэрэ  эдэр ийэлэр төрөөттөрүн кытта кырачааннарын эмиий үүтүнэн аһаталларыгар көмөлөһөллөр.

СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Любовь Бурнашева уон сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ ийэ үүтүнэн эмтэрии ахсаана 42%, онтон  2022 сыл түмүгүнэн  71,8% элбээбитин астына бэлиэтээтэ.

СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар бастайааннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова  Ийэ үүтүн баана төрүүр болдьохторун иннинэ күн сирин көрбүт кырачааннар доруобуйаларын бөҕөргөтөргө улахан туһалаах буолуоҕун эттэ.

Ийэ үүтэ бааҥҥа 3 ый устата хараллыаҕа уонна саҥа төрөөбүт оҕолору аһатарга туттуллуоҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

3 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

4 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

5 часов ago