Саха сиригэр ийэлэр доруобуйаларын харыстааһыҥҥа кэлимсэ үлэ ыытыллар

Share

Саха сирин баһылыга Айсен Николаев дьахтар доруобуйатын харыстааһыҥҥа эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай бырагыраамалар дойду Бэрэсидьиэнин «Доруобуйа» национальнай бырайыагар олоҕуран ыытылларын эттэ.

Бары бырайыактар «Демография» национальнай бырайыагынан төрөөһүнү элбэтиигэ туһуланаллар.

Былырыын Саха сиригэр Ийэ сылыгар элбэх бырайыак үлэлээбитэ.
«Биһиги сыалбыт — xас биирдии хат дьахтар чэгиэн оҕону төрөтүүтэ буолар, оттон ол ийэ бэйэтэ чэгиэн буоллаҕына кыаллар. Онон төрөөһүҥҥэ эрдэттэн бэлэмнэнии суолталаах. Манна ыарыыны эрдэ булуу көмөлөһөр.Билигин Саха сиригэр скрининг кэккэ бырагыраамалара үлэлииллэр. Олортон биирдэстэрэ «Онкопоиск» буолар» , — диэтэ  өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһа кылаабынай бырааһын акушерствоҕа уонна гинекологияҕа солбуйааччы Данара Донская.
Ону тэҥэ «Дьахтар доруобуйата» скрининг онлайн-бырайыак буолар. Маны доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ Ийэ сылыгар киллэрбитэ. Бастаан дьахтар сайтка анкетаны толорор, онтон ыалдьар сибикитэ билиннэҕинэ, кэлимсэ чинчийиини барар.
Данара Донская бэлиэтииринэн, оҕо төрүөҕүттэн ыарыылаах төрүүрүн сэрэтэр үлэ улахан суолталаах. Ол иһин хат буолуу былааннаах буолуохтаах», — диэн чопчулаата кини.
Дьахтар ыарыытын диагностааһыҥҥа, эмтээһиҥҥэ, оҕолоноору сылдьар ийэлэр туруктарын кэтээн көрүү кэлимсэ үлэтэ ыытыллар. Бу үлэ көмөтүнэн Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка төрөөһүн көрдөрүүтүнэн бастаан иһэр уонна дойдуга уон бастыҥ иһигэр киирэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Мэҥэ Хаҥалас, Амма уонна Горнай улуустара бастыҥнарынан билиннилэр

Өрөспүүбүлүкэ агробырамыысыланнай комплексын 2025 сыллааҕы үлэтин түмүктүүр мунньаҕар бастыҥ муниципальнай оройуоннар бэлиэтэннилэр. Бу туһунан СӨ…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тымныы кими да аһыммат! Үлүйүүттэн хайдах харыстанабыт?

Тымныыттан эчэйии үксэ арыгы иһииттэн тахсар диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһатын - Суһал мэдиссиинэ көмөтүн…

20 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Уопсастыба

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда филиалын өйөбүлүнэн 400-чэкэ тэрээһин ыытылынна

Тэрээһиннэргэ байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ уонна кыргыһыы хонуутугар охтубут дьон дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ, барыта 28 тыһыынчаттан…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Оҕону хайдах аахтарабыт: Арыылаах оскуолатын уопута

Кэнники кэмҥэ оҕо аахпат буолбутун бары билинэбит. Аахпат оҕо билиитэ-көрүүтэ татым, суруйарыгар да сыыһалардаах буолар.…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл Саха сирин тимир суоллара дьон сырыытын 8%-нан улаатыннарбыт

Ил Дархан Айсен Николаев “Саха сирин тимир суоллара” хампаанньа 2025 сыллааҕы үбүн-хаһаайыстыбаннай үлэтин барыллаан түмүктэрин…

36 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускайга суукка иһигэр биэс суол быһылаана таҕыста

Ааспыт суукка иһигэр Дьокуускай куоракка биэс суол быһылаана таҕыста. Бу туһунан ГАИ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Туманнаах,…

46 минут ago