Салгыы
Саха сиригэр икки ойуур баһаарын умуруораллар

Саха сиригэр икки ойуур баһаарын умуруораллар

Ааптар:
21.06.2023, 11:00
Галина Мозолевская хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 21 күнүгэр Саха сиригэр 1903 га иэннээх икки ойуур баһаара умайар — Өлүөхүмэ уонна Үөһээ Халыма оройуоннарыгар. Бу туһунан Саха сирин суһал ыстааба иһитиннэрэр. 

Өлүөхүмэҕэ уоту умуруорууга 120 киһи уонна биир бөртөлүөт үлэлиир. 1900 га иэннээх баһаар бохсулунна. Үөһээ Халымаҕа ойуур баһаарын иэнэ — 3 га.

Былырыын бу кэмҥэ 11 235 гаа иэннээх сиргэ 20 ойуур баһаара баара.

Оттон быйыл бу сааскыттан ыла барыта 4073,7 га иэннээх сиргэ 37 ойуур баһаара буолбут. Былырыыҥҥыны кытары тэҥнээтэххэ, бэс ыйын ортотугар диэри 30117,81 га иэннээх сиргэ 123 ойуур баһаара буолбут эбит.

Уус Маайаҕа 5-с кылаастаах баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэсиимэ олохтонно. Оттон Уус Алдаҥҥа, Мииринэйгэ, Үөһээ Дьааҥыга, Эбээн Бытантайга уонна Томпоҕо 4-с кылаастаах баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэсиимэ бэлиэтэнэр. Бэс ыйын 21-22 күннэригэр Томпоҕо уонна бэс ыйын 22-23 күннэригэр Мииринэйгэ 5-с кылааска диэри эрэсиим үрдүөн сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 апреля
  • -0°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 40% Скорость ветра: 8 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: