Саха сиригэр икки ойуур баһаарын умуруораллар

Share

Бэс ыйын 21 күнүгэр Саха сиригэр 1903 га иэннээх икки ойуур баһаара умайар — Өлүөхүмэ уонна Үөһээ Халыма оройуоннарыгар. Бу туһунан Саха сирин суһал ыстааба иһитиннэрэр. 

Өлүөхүмэҕэ уоту умуруорууга 120 киһи уонна биир бөртөлүөт үлэлиир. 1900 га иэннээх баһаар бохсулунна. Үөһээ Халымаҕа ойуур баһаарын иэнэ — 3 га.

Былырыын бу кэмҥэ 11 235 гаа иэннээх сиргэ 20 ойуур баһаара баара.

Оттон быйыл бу сааскыттан ыла барыта 4073,7 га иэннээх сиргэ 37 ойуур баһаара буолбут. Былырыыҥҥыны кытары тэҥнээтэххэ, бэс ыйын ортотугар диэри 30117,81 га иэннээх сиргэ 123 ойуур баһаара буолбут эбит.

Уус Маайаҕа 5-с кылаастаах баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэсиимэ олохтонно. Оттон Уус Алдаҥҥа, Мииринэйгэ, Үөһээ Дьааҥыга, Эбээн Бытантайга уонна Томпоҕо 4-с кылаастаах баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэсиимэ бэлиэтэнэр. Бэс ыйын 21-22 күннэригэр Томпоҕо уонна бэс ыйын 22-23 күннэригэр Мииринэйгэ 5-с кылааска диэри эрэсиим үрдүөн сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тускул билгэлиир: Быйыл сайыммыт хайдах буолуоҕай?

Халлааммыт сылыйан, күммүт уһаан, дьон-сэргэ аны хайдах сайын кэлэрин билиэн баҕарар. Үгэс быһыытынан, норуот синоптига…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл билгэтэ: Саха сиригэр күнүс +15°С диэри сылыйыа

Нэдиэлэ бастакы күнүгэр Саха сиригэр синоптиктар тугу билгэлииллэр? Саха сиригэр киин оройуоннарга, хотугулуу-арҕаа, соҕуруулуу-илин, Өлүөнэ…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нам улууһугар өрөмүөн үлэлэрэ саҕаланнылар

Улууска өрөмүөн үлэлэрэ номнуо саҕаланнылар. Улууска ууттан эмсэҕэлээбит суоллар сорох учаастактарыгар үлэ саҕаланна. "Дьокуускайтан эбии…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников: Нам улууһугар халаан уутуттан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэр суолларын оҥоруохтара

Суһал ыстаап киэһээҥҥи брифинигэр бүгүн, ыам ыйын 19  күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы  Дмитрий…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пионерия күнүнэн. Кырдьыксыт, сиэрдээх, көхтөөх буоларга уһуйбута

Саха сиригэр пионерскай тэрилтэ төрүттэммит күнүнэн 1924 сыл олунньу 17 күнэ ааҕыллар. Бу күн Дьокуускайга…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Саха сирин гимнасткалара үһүс бочуоттаах миэстэни ыллылар

Нерюнгри куоракка ыытыллыбыт Арассыыйа үөрэнээччилэрин XII Спартакиадаларын II түһүмэҕэр уус-уран гимнастикаҕа Саха сирин спортсменкалара 3 …

13 часов ago