Саха сиригэр икки оройуоҥҥа хаар түстэ

Share

От ыйын бүтэһик күннэригэр Кэбээйи уонна Үөһээ Дьааҥы улуустарыгар бастакы хаар түстэ.

Кэбээйи оройуонун Сэбээн Күөл нэһилиэгин баһылыга Алена Кривошапкина СИА иһитиннэрбитинэн, ааспыт нэдиэлэ бүтүүтүттэн олохтоохтор оһохторун отуннулар уонна бу сарсыарда эрдэ салгын температурата нулга чугаһаабыта бэлиэтэммит.

«Хаар сэлиэнньэттэн табаһыттар ыстаадалара баар сириттэн хоту өттүгэр түспүтэ. Бу сылын ахсын хатыланар көстүү. От ыйыгар хайаатар да хаар түһэр. Биһиги маннык күннэргэ мэлдьи бэлэммит, оннооҕор сайынын оһохпутун оттуохпутун сөп. Кыһын биһиэхэ киин ититиини холбууллар. Быйыл дьиҥэр сайын хаһааҥҥытааҕар да кураан буолла, от ыйын саҥатыгар 30 кыраадыстаах куйаас күннэр турбуттара. Оҕолорбут сөтүөлээбиттэрэ. Ааспыт бээтинсэттэн саҕалаан тымныйан барбыта, түүнүн олохтоохтор сибэккилэрин дьиэлэригэр киллэрэр буолбуттара. Бүгүн хара сарсыардаттан окко хаар сытарын көрбүппүт, билигин  ууллунна», — диэн Сэбээн Күөл сэлиэнньэтин баһылыга иһитиннэрдэ. Кэбээйи улууһугар хаар түһэр түгэнин «Прогноз» АУо үлэһитэ  Эдуард Ноговицын  видеоҕа уһулла. 

Ону сэргэ от ыйын бүтэһик күнүгэр Үөһээ Дьааҥы улууһун Угольнинскай нэһилиэгэр эмиэ хаар түспүтүн туһунан « Колымские новости» хаһыат биллэрдэ.

Санаттахха, «Саха сиригэр бу нэдиэлэ бүтүөр диэри сөрүүн күннэр туруохтара. Атырдьах ыйын саҕаланыыта бастакы тоҥоруулар түһэллэрэ күүтүллэр», – диэн Саха сиринээҕи УГМС салайааччытын солбуйааччы — Гидрометкиин начаалынньыга Татьяна Маршалик иһитиннэрбитэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
4
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Юлия Белехова ХИФУ-га сырытта

Бүгүн, сэтинньи 28 күнүгэр, Хотугулуу- Илиҥҥи федеральнай университет учуонай Сэбиэтин саалатыгар РФ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?

«Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?», - диэн «Саха сирэ» саайт ааҕааччылара ыйыталлар. Бу ыйытыкка…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга Ийэ күнүгэр төрөөбүт оҕолору таһаардылар

Дьокуускайдааҕы килиньиичэскэй балыыһаҕа сэтинньи 24 күнүгэр, Арассыыйаҕа Ийэ күнүгэр, күн сирин көрбүт оҕолору таһаарыы үөрүүлээх…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арассыыйаҕа дьиэ кыылын ииримтийиитэ суоһуур дуо?

Бу күннэргэ кэккэ СМИ-нэн Омскай, Амур уобаластарын уонна Санкт-Петербург, Краснодар, Москва куораттарын олохтоохторо ииримтийбит ыттарга…

8 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥаласка тэлэбииһэр уорбут 30 саастаах дьахтары туттулар

Хаҥалас улууһун олохтооҕо дьиэтин иһиттэн малын уорбуттарын туһунан полицияҕа тыллаабыт. Эмсэҕэлээччи эр киһи 30 000 солк.…

8 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Владимир Путин Казахстаҥҥа сырытта

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин сэтинньи 27-28 күннэригэр Казахстаҥҥа командировкаҕа баран кэллэ. Казахстан бэрэсидьиэнин Касым-Жомарт…

9 часов ago