Саха сиригэр икки тыһыынча эбийиэк көҕүлээһин үбүлээһининэн тутуллубут
Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ олохтоох бүддьүөккэ көҕүлээн төлөөһүҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьар.
Бу ньыманан 2017 сылтан 2200 эбийиэк тутуллубут. Уопсай суумата 5,3 млрд солк. тэҥнэһэр диэн эрэгийиэн үбүн министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэр. Ол курдук көҕүлээн тутуунан 207 успуорт былаһаакката, 85 оҕо былаһаакката, 358 искибиэр, 391 уунан хааччыйар эбийиэк, 138 уотунан-гаас ситиминэн ититиллэр эбийиэктэр, 240 суол өрөмүөннэммит, 47үөрэх тэрилтэтэ саҥардыллыбыт, ону сэргэ 114 култуура киинэ тупсарыллыбыт.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи биэдэмистибэ иһитиннэрбитинэн, бу сылга өрөспүүбүлкэ улуустарыгар оҥоһуллар бырайыактар уопсай суумалара 949 мөл. солкуобайга тэҥнэспит.
Саха сирин бырайыактара бүтүн Арассыыйатааҕы бырайыактар куонкурустарыгар өрүү кыайаллар. 2019 сыллаахха Майаҕа оптуобус тохтобулларын тупсарыы бырайыага бастаабыта. Эһиилигэр «Экоквантум » диэн Чурапчы улууһун сэлиэнньэтигэр оҥоһуллубута.
Көҕүлээн төлөөһүн — диэн олохтоохтор, урбаанньыттар бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн бырайыактары олоххо киллэриигэ анаан усунуос быһыытынан төлүүр харчылара буолар. Бу үп-харчы инфраструктура кыһалҕатын быһаарарга туһуланар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: