Саха сиригэр икки тыһыынча эбийиэк көҕүлээһин үбүлээһининэн тутуллубут

Share

Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ олохтоох бүддьүөккэ көҕүлээн төлөөһүҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьар.

Бу ньыманан 2017 сылтан 2200 эбийиэк тутуллубут. Уопсай суумата 5,3 млрд солк. тэҥнэһэр диэн эрэгийиэн үбүн министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэр.  Ол курдук көҕүлээн тутуунан 207 успуорт былаһаакката, 85 оҕо былаһаакката, 358 искибиэр, 391 уунан хааччыйар эбийиэк, 138 уотунан-гаас ситиминэн ититиллэр эбийиэктэр, 240 суол өрөмүөннэммит, 47үөрэх тэрилтэтэ саҥардыллыбыт, ону сэргэ 114  култуура киинэ тупсарыллыбыт.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи биэдэмистибэ иһитиннэрбитинэн, бу сылга өрөспүүбүлкэ улуустарыгар оҥоһуллар бырайыактар уопсай суумалара 949 мөл. солкуобайга тэҥнэспит.

Саха сирин бырайыактара бүтүн Арассыыйатааҕы бырайыактар куонкурустарыгар өрүү кыайаллар. 2019 сыллаахха Майаҕа оптуобус тохтобулларын тупсарыы бырайыага бастаабыта. Эһиилигэр «Экоквантум » диэн Чурапчы улууһун сэлиэнньэтигэр оҥоһуллубута.

Көҕүлээн төлөөһүн — диэн олохтоохтор, урбаанньыттар бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн бырайыактары олоххо киллэриигэ анаан усунуос быһыытынан төлүүр харчылара буолар.  Бу үп-харчы инфраструктура кыһалҕатын быһаарарга туһуланар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Маркировката суох табаҕы атыылаан тутуллубуттар

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа сэттэ буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Ньурба куоракка суотабай…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Владимир Путин Арассыыйа салайааччыларыгар дойду иһигэр оҥоһуллубут массыыналарга көһөргө эттэ

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин тохсунньу 28 күнүгэр Самара уобалаһыгар Тольятти куоракка “АвтоВаЗ” собуотугар сырытта.…

23 минуты ago
  • Бэрээдэк
  • Уопсастыба

Сокуоннайа суохтук лотереяны тэрийбит киһиттэн суут 18 мөл.солк. ирдээтэ

Дьокуускайга 2022 сыл ахсынньы 7 күнүттэн 2023 сыл ахсынньы 23 күнүгэр диэри урбаанньыт "Өрөгөй" диэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 54 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа

Бүгүн, тохсунньу 29 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 54 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа диэн УГМС иһитиннэрэр.…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Архыыпка байыастар тустарынан докумуоннары туталлар

Национальнай архыып Саллааттар, мотуруостар төрөппүттэрин кэмитиэтин уонна "Аҕа дойдуну көмүскээччилэр" пуонда салаатын кытта бииргэ үлэлэһэн, …

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эһиилги Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэллэр

2026 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа Кэбээйи улууһугар ыытыллыахтаах. Онон улахана суох кэм хаалбытынан, билигин нэһилиэктэргэ…

12 часов ago