Саха сиригэр инбэлиит оҕолоох төрөппүттэр уочарата суох мэдииссинэ көрүүлэрин ааһыахтарын сөп

Share

Алтынньы 19 күнүгэр Саха сиригэр инбэлиит оҕолоох төрөппүттэри кэлимник чинчийиигэ туһуламмыт «Путь к своему здоровью» диэн үгэс буолбут аахсыйа ыытыллар. 

Кинилэр «күөх коридор» бириинсибинэн балыыһаларга мэдииссинэ көрүүлэрин быһа ааһыахтарын сөп диэн Саха сирин Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Мэдиссиинэ көрүүлэрин бу сыл сэтинньи 9 күнүгэр диэри нэдиэлэҕэ хас субуота ахсын ааһыахха сөп. Аахсыйа Бүтүн Арассыыйатааҕы Саха сиринээҕи салаатын инбэлиит оҕолордоох төрөппүттэри  түмэр  тэрилтэтин (ВОРДИ) кытта бииргэ ыытыллар.

«Аахсыйаны иллэрээ сыл саҕалаабыппыт. Үксүгэр инбэлиит оҕолоох төрөппүттэр доруобуйаларынан дьарыктанар кыахтара суох. Кинилэртэн үчүгэй сыанабылы ыллыбыт. Ону таһынан биһиги уопуппутун федеральнай таһымҥа билиһиннэрдибит. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр уонна ВОРДИ кытта ыкса бииргэ үлэлээһин сибээһэ олохтоммутун бэлиэтиибин. Биһиги тутаах исписэлиистэри кытта быһаччы сибээстэһиэхпитин сөп», — диэн ВОРДИ Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Алеся Кондратьева кэпсээтэ.

Миэдиктэргэ суруттарыы ВОРДИ тэрилтэ нөҥүө ыытыллар. Бастаан көрүүлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай  доруобуйа уонна мэдиссиинэ профилактика киинин баазатыгар ыытыллыахтара.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

29 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago