Саха сиригэр индюгу иитиэххэ, эт бородууксуйатын элбэтиэххэ
Сопхуостар ыһыллыбыттара отуттан тахса сыл ааһа оҕуста. Ити кэмтэн ыла тыа сиригэр оҥоһуллар бородууксуйа кээмэйэ, урут Сойуус саҕана ситиһиллибит көрдөрүүлэртэн лаппа кыччаата. Ордук эт, үүт, балык бородууксуйаларын оҥорон таһаарыы, оҕуруот аһын уонна бурдугу үүннэрии биллэрдик аҕыйаата.
Ынах сүөһү, сылгы уонна таба ахсаана урут ситиспит көрдөрүүлэргэ тиийбэт. Тыаҕа олорор олохтоох нэҺилиэнньэ киин, үөс сирдэргэ көһөр. Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ атын сиргэ эбэтэр атын дойдуга оҥоһуллан, тиэйиллэн кэлбит аһы-үөлү аһаан-сиэн олорор. Онтубут сыаната сотору-сотору үрдүүрүн өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторо көрө-билэ сылдьабыт. Онтон бэйэбитигэр оҥоһуллар бородууксуйа олох аҕыйах бырыһыаны ылар. Сойуус баарына Саха сирэ бэйэтин нэһилиэнньэтин өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһуллар аһынан-үөлүнэн, бэйэтин бородууксуйаларынан 50-60 бырыһыан, сорох көрүҥҥэ- 60-70 бырыһыаҥҥа тиийэ хааччыйара.
Өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбата кэлимник уонна табатык сайдарын туһугар биҺиэхэ урут биллибэтэх, олох саҥа суолу, бырайыактары, идеялары көрдөөн, булан, тобулан олору түргэнник олоххо киллэрэр кэми куоттаран эрэбит быһыылаах.
Холобура, эти оҥорууга, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбалара, биирдиилээн кэтэх дьон эбэтэр пиэрмэрдэр индюгу ылан иитэн, киниттэн эт бородууксуйатын элбэтиигэ үлэлэһиэхтэрин сөп. Ордук түргэнник улаатар, ситэр, элбэх бородууксуйаны биэрэр дьиэ сүөһүтүн, көтөрү уонна да атыттары. Урут оннооҕор яктары аҕаланнар хас да оройуоҥҥа иитэ сылдьыбыттара.
Урут бииргэ үөрэммит доҕорум кэпсээнин олох умнубакка өйдүү-саныы сылдьабын. Кини бэйэтин кэтэх хаһаайыстыбатыгар, ыам ыйыттан сир тоҥуор диэри (алтынньыга-сэтинньигэ диэри) уонча индюгу иитэн боруобалаабыт. Онтулара күһүн тиийэн хас биирдиилэрэ 20-чэлии киилэҕэ тиийбэ улааппыттар. Онтум бэйэтэ идэһэ аҥаарыгар тэҥнэстэ диэн астынан туран, үчүгэй сонунун кытта хас да сыллаа5ыта үллэстибитэ.
Кэлин кини ити уопутун бэркэ билэр киһибэр кэпсээбитим. Баҕар, кини уопутун туһаныа диэн. Хас да сыл ааспытын кэнниттэн, аны ол киһим индюгу бэйэтин кэтэх хаһаайыстыбатыгар эмиэ боруобалаан иитэн көрбүтүн, кырдьык, барыстааҕын чахчы итэҕэйбит. Эмиэ хас биирдиилэрэ 20-лии киилэ5э тиийэ улааппыт этилэр.
Онон, индюгу иитэр бэйэҕэ барыстаах эбит диэн түмүккэ кэлбиттэр этэ. Атын сиргэ ииппит дьон кэпсээннэринэн, индюк суукканан буолбакка, хас чаас аайы улаатар диэн кэпсээннээхтэр. Төһө да омуннаах курдугун иһин, итинник этэллэригэр туох эрэ төрүөт баара сабаҕаланар.
Кырдьык, Сахабыт сиригэр индюгу иитэр дьоҕус бырамыысыланнас комплексын тутан олоххо киллэрэр тоҕо сатамматый? Маҥнай, биллэн туран, үөрэтэн көрүөххэ. Өссө итинник иитэр атын сиргэ, эрэгиийэҥҥэ тиийэн уопуттарын үөрэтэр тоҕо табыллыбат буолуой?
Олохтоох дьон биһирээбит, тургэнник ситэр, улаатар элбэх бородууксуйаны биэрэр буолла5ына, иитэр туһунан боппуруоһу үөрэтэн, олоххо түргэнник киллэрэр тоҕо сатаммата буолуой? Билигин Арассыыйа атын эрэгийиэннэрэ индюгу иитэргэ бастакылар кэккэлэригэр сылдьаллар. Билигин ити эрэгийиэннэргэ улахан бырамыысыланнай төрүккэ олоҕуран, сылтан сыл иитэн, эт бородууксуйатын элбэтэллэр. Биһиэхэ алларааттан көҕүлээһин, баҕа санаа баар буоллаҕына үрдүкү салалта, бу кэскиллээх салааны үөрэтэн олоххо түргэнник киллэрэр дьаһаллары, быһаарыылары ылар кыахтаах.
Арассыыйаҕа итинник улахан бырамыысыланнай комплекс, 2021 сылтан Ингушетияҕа тутуллан билиҥҥэ диэри ситиһиилээхтик үлэлиир. Ити кылгас кэм устата индюгу иитии барыстаах салаа буолбутун толору дакаастаабыттар. Этэ доруобуйаҕа олус туһалаах, ыраас диетическэй аһыыр аска киирэр. Этиттэн халбаһыыны, ветчинаны, сосискалары эҥин оҥорон өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун толору хааччыйбыттар. Маны таһынан, ыаллыы олорор эрэгийиэннэргэ этин атыыга таһаарбыттар. Бу дьиэ көтөрүн этиттэн оҥоһуллубут бородууксуйаларын улахан эргиэн маҕаһыыннара ылан, хамаҕатык атыылыыллар. Аны атын дойдуларга тахсан бородуукталарын батарар былааннаахтар. Холобура, Азербайджаҥҥа.
Саха сиригэр урут кууруссаны иитэр хас да көтөр комплексын эбэтэр пиэрмэлэрин тутан, олортон билиҥҥэ диэри сибиэһэй, элбэх туһалаах минераллардаах, битэмииннэрдээх, иҥэмтиэлээх бородууксуйаны (сымыыты, куурусса этин уонна да атыттары) ылан, олохтоох нэһилиэнньэни толору хааччыйа олороллор.
Виталий Слепцов
Хаартыскаҕа: Брюховецкай уотурба собуота
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: