Саха сиригэр интэриниэт ситимин хайдах тутталларый?
Кэлиҥҥи аҕыс сылга интэриниэт ситимин туттар ыаллар ахсааннара элбээбитин туһунан Сахастат тэрилтэ иһитиннэрэр.
Өскөтүн 2014 с. 73,0 % ыал туттар эбит буоллаҕына, 2022 с. – 94,8% тиийбит.
2022 сылга Саха сиригэр интэриниэт ситиминэн туттааччылар 96,3% 15-74 саастаах дьиэлэриттэн киирэр дьон ылаллар диэн суруйаллар. Оттон доҕотторугар, билэр дьонноругар тиийэн туһанааччылар – 75,9%, үлэлэригэр – 55,5%, көһө сылдьан – 68,5%.
Өрөспүүбүлүкэ 93,6% олохтооҕо интэриниэт ситиминэн күн аайы туһанар, оттон 0,5% нэдиэлэ аайы бииртэн итэҕэһэ суох туттар, ол гынан баран күн аайы буолбатах.
Аны туран, интэриниэтинэн үгүстүк төлөпүөн (мобильнай) көмөтүнэн туһаналлара бэлиэтэнэр. Ол курдук, 2022 с. 94,0% дьиэ кэргэн интэриниэтинэн төлөпүөн уонна смартфон көмөтүнэн туһаммыт, 43,5% – ноутбугунан, нетбугунан, ультрабугунан. Компьютерынан 27,9% эрэ киһи интэриниэти туттара биллибит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: