Саха сиригэр ирбэт тоҥу кэтээн көрүү эбии пууннара тэриллиэхтэрэ
Былырыын Росгидромет баазатыгар ирбэт тоҥ туругун кэтээн көрүү 20 пууна тэриллибитэ, бу сыл устата уонна эһиил өссө эбии 60-ча пуун аһыллара күүтүллэр.
Маны таһынан сиртэн хостонор баайы туһанааччыларга геотиэхиньиичэскэй кэтээн көрүүлэри олохтууру былаанныыллар. Бу туһунан Госдуумаҕа Экологияҕа, айылҕа ресурсаларыгар уонна тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Кобылкин бэҕэһээ, кулун тутар 19 күнүгэр, кэмитиэт иһинэн ыытыллыбыт «төгүрүк остуолга» иһитиннэрдэ.
Мунньахха Дмитрий Кобылкин ааспыт сылга Росгидромет баазатыгар өр сыллаах ирбэт тоҥ туругун кэтээн көрүүтүн судаарыстыбаннай пуондатын тэрийэр туһунан сокуон барыла ылыллыбытын санатта диэн ТАСС суруйар. «Былырыын Саха сиригэр, Ямало-Ненецкэй автономнай уокурукка, Архангельскай уобаласка, Красноярскай кыраайга, Алтай Өрөспүүбүлүкэтигэр барыта 20 пуун тэриллибитэ. Бу сыл устата итинник эбии 60-ча пуун аһыллара былааннанар», — диэн дьокутаат кэпсээтэ.
Кини ирбэт тоҥу кэтээн көрүү тиһигин тэрийиигэ бастакы хардыы эрэ буоларын бэлиэтээтэ уонна аныгыс соругунан инфраструктура уонна сир учаастактарын эбийиэктэрин бас билээччилэрин геотиэхиньиичэскэй кэтээн көрүүлэрин олохтуурун бэлиэтээтэ.
«Сир баайын туһанааччыларга, инженернэй уонна атын бырамыысыланнай эбийиэктэри тутааччыларга геотиэхиньиичэскэй кэтээн көрүүнү ыытыы билигин ордук сытыытык турар буоппуруос», — диэтэ кэмитиэт баһылыга. Бу кэмҥэ ирбэт тоҥу кэтээн көрүүнү биирдиилээн тэрилтэлэр ыыталлара эрээри, сокуонунан уопсай ирдэбил суох. Ону сэргэ Дмитрий Кобылкин, айылҕа харыстабылын боппуруостарын быһаарыыны чэпчэтэргэ тэрилтэлэр уонна биэдэмистибэлэр икки ардыларыгар дааннайдары атастаһыыны тэрийии улахан суолталааҕын эттэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, ирбэт тоҥ туругун Уһук Хоту сир уонна Арктика улуустарынан бырамыысыланнай тэрилтэлэр куттала суох үлэлииллэрин хааччыйыыга улахан суолталаах уонна дойду сайдыытын биир хайысхата буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: