Саха сиригэр ирбэт тоҥу кэтээн көрүү эбии пууннара тэриллиэхтэрэ

Share

Былырыын Росгидромет баазатыгар ирбэт тоҥ туругун кэтээн көрүү 20 пууна тэриллибитэ, бу сыл устата уонна эһиил өссө  эбии 60-ча пуун аһыллара күүтүллэр.

Маны таһынан сиртэн хостонор баайы туһанааччыларга геотиэхиньиичэскэй кэтээн көрүүлэри  олохтууру былаанныыллар. Бу туһунан Госдуумаҕа Экологияҕа, айылҕа ресурсаларыгар уонна тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Кобылкин бэҕэһээ, кулун тутар 19 күнүгэр, кэмитиэт иһинэн ыытыллыбыт «төгүрүк остуолга» иһитиннэрдэ.

Мунньахха Дмитрий Кобылкин ааспыт сылга Росгидромет баазатыгар өр сыллаах ирбэт тоҥ туругун кэтээн көрүүтүн судаарыстыбаннай пуондатын тэрийэр туһунан сокуон барыла ылыллыбытын санатта диэн ТАСС суруйар. «Былырыын Саха сиригэр, Ямало-Ненецкэй автономнай уокурукка, Архангельскай уобаласка, Красноярскай кыраайга, Алтай Өрөспүүбүлүкэтигэр барыта 20 пуун тэриллибитэ. Бу сыл устата итинник эбии 60-ча пуун аһыллара былааннанар», — диэн дьокутаат кэпсээтэ.

Кини ирбэт тоҥу кэтээн көрүү тиһигин тэрийиигэ бастакы хардыы эрэ буоларын бэлиэтээтэ уонна аныгыс соругунан инфраструктура уонна сир учаастактарын эбийиэктэрин бас билээччилэрин геотиэхиньиичэскэй кэтээн көрүүлэрин олохтуурун бэлиэтээтэ.

«Сир баайын туһанааччыларга, инженернэй уонна атын бырамыысыланнай эбийиэктэри тутааччыларга геотиэхиньиичэскэй кэтээн көрүүнү ыытыы билигин ордук сытыытык турар буоппуруос», — диэтэ кэмитиэт баһылыга. Бу кэмҥэ ирбэт тоҥу кэтээн көрүүнү биирдиилээн тэрилтэлэр ыыталлара эрээри, сокуонунан уопсай ирдэбил суох. Ону сэргэ Дмитрий Кобылкин, айылҕа харыстабылын боппуруостарын быһаарыыны чэпчэтэргэ тэрилтэлэр уонна биэдэмистибэлэр икки ардыларыгар дааннайдары атастаһыыны тэрийии улахан суолталааҕын эттэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, ирбэт тоҥ туругун Уһук Хоту сир уонна Арктика улуустарынан бырамыысыланнай тэрилтэлэр куттала суох үлэлииллэрин хааччыйыыга улахан суолталаах уонна дойду сайдыытын биир хайысхата буолар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга:  ахсынньы 14 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?  Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

13 часов ago