Саха сиригэр искусственнай өй лабораторията аһылынна
24.09.2024, 19:18
Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА
Бөлөххө киир:
Маннык лабораторияны Дьокускайга бүгүн, балаҕан ыйын 24 күнүгэр, IT-пааркаҕа астылар.
Лаборатория киэҥ хабааннаах боппуруостары быһаарарга искусственнай өй технологияларын оҥоруунан уонна сайыннарыынан дьарыктаныаҕа. Ол курдук, араас эйгэҕэ туһанар былааннаахтар — доруобуйа харыстабылыттан баһаары утары охсуһууга тиийэ.
«Сыл курдук буолла, Саха сиригэр «Сбербанк России» ПАУо бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Герман Оскарович Греф кэлэ сырыттаҕына, искусственнай интеллект лабораториятын тэрийэргэ кэпсэппиппит. Онно үксүлэрэ бу бырайыагы саарбахтаабыттара. Ол эрээри, кылгас болдьоххо улахан үлэ ыытыллыбыта, ол түмүгэр бу идиэйэ олоххо киирдэ«, — диэн этэр Айсен Николаев.
Лабораторияҕа номнуо түөрт бырайыактыыр хамаанда үлэтин саҕалаабыт.
Искусственнай өй технологиялара доруобуйа харыстабылыгар виртуальнай ассистены оҥорууну киллэрэн туран, олоххо киллэрэр санаалаахтар. Ойуур баһаардарын утары охсуһарга сылыктааһын моделын бэлэмниир ба5алаахтар, уо.д.а. кэккэ улахан былааннар бааллар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: