Саха сиригэр итиини биэрии 14 улууска саҕаланна

Share

Саха сиригэр 2024-2025 сс. күһүҥҥү-кыһыҥҥы кэмигэр бэлэмнэнии бара турар. 14 улууска итиини биэрии саҕаланна. Ол туһунан брифиҥҥэ ОДьКХ уонна энергетика миниистирин солбуйааччы Сергей Киров иһитиннэрдэ.

“Ититии кэмэ 14 улууска саҕаланна. Чугастааҕы күннэргэ 2 улууска хочуолунайдары кыра-кыралаан үлэлэтэн барыахпыт, – диэтэ Сергей Киров, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Саха сирин 36 улууһуттан ититии кэмэ Булуҥ, Аллайыаха, Анаабыр, Аллара Халыма, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Абый, Дьааҥы, Муома, Эбээн Бытантай, Эдьигээн, Үөһээ Халыма, Уус Маайа улуустарыгар толору эрэһиимнээх саҕаланна.

Сергей Киров иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр ититэр сезоҥҥа бэлэм 90 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр. 1156 хочуолунайтан 998 хочуолунай толору бэлэмнээх.

Маны таһынан оһуобай хонтуруолга уу суолунан таһаҕаһы тиэрдии турарын эттэ. Күн бүгүн олоххо наадалаах таһаҕас 79 бырыһыана тиэйиллибит, 57 бырыһыана тиэрдиллибит. Уу суолунан таһаҕаһы тиэрдии алтынньыга диэри салҕаныа.

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Үп-харчы гороскоба. Бу нэдиэлэҕэ үп-харчы өттүгэр сулустар тугу сүбэлииллэрий?

Күн Скорпион бэлиэтигэр киирэн, кистэлэҥи арыйар, дириҥник толкуйдуур кэм саҕаланар. Онон бу нэдиэлэҕэ үбү-харчыны ыскайдыыр…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Алтынньы 20 күнэ: тибии, сөҥүүтэ суох, күнүс -13°С кыраадыс

Бүгүн, алтынньы 20 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ үгүс сиригэр кыралаан хаардыыр, хоту, хотугулуу-илин сорох сиринэн, оттон соҕуруу…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олох очурдара: Хас биирдиибит сырдык күннээх

Баһылайаптар оҕолоро улаатан, бары киэҥ сиринэн тэлэһийэн, дойдуларыгар да кэлбэт-барбат буоллулар. Икки этээстээх дьиэлэрэ, бэл,…

13 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Ийээ, өллөхпүнэ ытаамаар»…

Бүгүн Саха сиригэр Ийэ күнэ. Орто дойдуга кыыс оҕо буолан айыллан кэлэн, кэргэн тахсан уоллаах…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Араҥас ньирэйдээх ынаҕа – тыа сирин олоҕун пааматынньыга

Тыа сиригэр кэлиҥҥи сылларга араас социальнай суолталаах тутууну тэҥэ устуоруйаны үйэтитэр араас пааматынньыктар, искибиэрдэр тутуллаллар.…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Светлана Свинобоева: “Саамай сүрүнэ, оҕону ис сүрэхтэн таптыахха наада…”

Светлана Свинобоева – элбэх оҕолоох ийэ, бэйэ дьыалатын сайыннарар урбаанньыт. Кини аныгы үйэ дьахталларыттан уратыта…

16 часов ago