Саха сиригэр итирдэр утаҕы иһэри аччатыы нэдиэлэтэ саҕаланна
Балаҕан ыйын 9-13 күннэригэр СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ итирдэр утаҕы иһэри уонна ону кытта сибээстээх өлүүнү, ыалдьыыны аччатыы нэдиэлэтин ыытар. Бу туһунан Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Биэдэмистибэҕэ тоһоҕолоон эппиттэринэн, итирдэр утаҕы иһии – кутталлаах суол. Үгүс киһи бу кэмэлдьиттэн үргүлдьү тутулукка киирэн хаалбытын өйдөөбөккө да хаалар.
Ону кытта итирдэр утаҕы иһии өлүү, ыалдьыы, буруйу кэһии, оһоллонуу, суолга саахалланыы уонна дьиэ кэргэн иирсээнин ахсаана элбииригэр тиэрдэр. Итирдэр утаҕы иһии киһи организмыгар быһаччы дьайар. Испииртэн куртах, мэйии, сүрэх, үөс уонна быар кэһэйэллэр.
Арассыыйаҕа арыгылааһыны утары охсуһууга араас эмтиир, реабилитациялыыр ньымалар туттуллаллар. Чөл олоххо хардыылыырыгар киһи аан бастаан ыарыылааҕын билиниэхтээх уонна онтон арахсарга кыһаллыахтаах. Арыгылааһыны эминэн-томунан, психотерапевтическай уонна чөл оҥорор терапиянан куолаан эмтииллэр.
Санатан эттэххэ, Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа Саха сирин “Чөл туруктаах сэлиэнньэлэр” бырайыага демографическай көрдөрүүгэ холобур быһыытынан үрдүк сыанабылы ылбыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: