Саха сиригэр көмүһү хостооһун устуоруйата
Көмүһү хостооһун — Саха сирин пионер-бырамыысыланнаһа. Бодойбо Саха уобалаһын састаабыгар киирэр эрдэҕиттэн, 19 үйэ иккис аҥаарыттан, көмүстээх бириискэлэр тигинэччи үлэлии турбуттара. 20 үйэ 20-с сылларын саҥатыгар Алдан көмүһэ көстөр. 1923-1924 с.с. «Якутзолото» предприятие тэриллэн, көмүс сууйуута саҕаланар. Онон, Саха сирин хостуур бырамыысыланнаһын аныгы устуоруйатыгар, 1924 сыл көмүс бырамыысыланнаһа үөскээбит кэминэн киирэ сылдьар.
2024 сылга көмүһү хостуур салаа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Өрөспүүбүлүкэҕэ көмүһү хостооһун дьыалата, уларыйыылаах-тэлэрийиилээх 90-с сылларга диэри, бырамыысыланнас биир саамай күүстээх, үрдүк барыыстаах салаатын быһыытынан үлэлээн кэлбитэ. Бэйэбит киһибит Т.Г.Десяткин салайар «Якутзолото» производственнай холбоһук, үлэтин түмүктэринэн, ааспыт үйэ 70-80-с сылларыгар бүтүн Сэбиэскэй Сойууска инники миэстэҕэ сылдьыбыта. Ол сылларга Саха сиригэр сылга 38 туонна көмүс хостоноро.
Былыргы Үөһээ уонна Аллараа Тайҕалар бириискэлэрин историяларын ылар буоллахха, көмүс үлэһиттэрин этинэн, ынах арыытынан, о.д.а. ас-үөл бородуукталарынан хааччыйыыга Саха сирин киин, илин эҥээрдээҕи уонна Бүлүү сүнньүнээҕи улуустарын нэһилиэнньэлэрэ сүрдээх киэҥник тардыллыбыттара. Ол түмүгэр Саха сирин тыатын улуустарыгар харчы эргиирэ улааппыта, сатабыллаах атыыһыттар уонна эргиэмсиктэр баар буолбуттара. Мас кэрдиитигэр, сыыйа-баайа шахта үлэтигэр саха дьоно маассабайдык үлэлээн киирэн барбыттара. Аҥаардас Бүлүү сүнньүн бары улуустарын бары нэһилиэктэриттэн, оччотооҕу көмүс хостооһунун үлэтигэр баран кэлбэтэх орто саастаах эр киһини булар, оччолорго күчүмэҕэй этэ.
Көмүс бырамыысыланнаһын устуоруйатыгар бэрт кыратык төннө түһэн ыллахха, 1925 сылга Алданнааҕы «Якутзолото» предприятие «Алданзолото» тресткэ уларытан тэриллэр. Эдэр автономнай өрөспүүбүлүкэ күүстээх эр санаалаах салайааччылара хотуулаахтык туруорсууларын түмүгэр, трест үлэлиир маҥнайгы сылларыгар ылар барыһыттан 10%-нын, онтон кэлин көмүс хостонор баалабай кээмэйиттэн 5%-нын «үллэстиһэ» олорбуттара. 1937-1938 сс. эрэпириэссийэҕэ диэри «Алданзолото» трест үрдүкү уонна орто сүһүөх салалтатыгар элбэх саха эдэр тэхиниичэскэй интэлигиэнсийэтин бэрэстэбиитэллэрэ үлэлии олорбуттара. Оттон оробуочай кылааһын кэккэтигэр 3 тыһыынчаҕа чугаһыыр ахсааннаах саха дьоно үлэлээн ааспыттара. Аны туран, Алдан көмүһүн бастакы арыйааччыта М.П.Тарабукин – саха киһитэ. Саха сирин төрүт олохтоох нэһилиэнньэтэ хостуур бырамыысыланнас биир тутаах салаатын салалтатыгар уонна оробуочайын кэккэтигэр маассабайдык өтөн киирэн, үлэлээн сылдьыбыт оччотооҕу ситиһиитин күн бүгүнүгэр диэритин ситиһэ уонна хатылыы иликпит. Сыччах бу кыракый чахчынан да сыаналыыр буоллахха, Алдан көмүһүн историятыгар саха норуотун бөдөҥ кылаата баар. Алдан көмүһүн бырамыысыланнаһын историята – саха оробуочай кылааһын устуоруйатын баай ис хоһоонноох быстыспат сорҕото. Ону умнуо суохтаахпыт.
Ааспыт үйэ 30-с сылларыгар Ааллаах-Үүннээҕи көмүстээх сир арыллан, бириискэлэр тэриллибиттэрэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии иннинээҕи кэмтэн «Джугджурзолото» трест үлэтин саҕалаабыта. 1957 сылга совнархоз тэриллэн, Ааллаах-Үүн, Ыныкчаан, Бириндэкиит, о.д.а. бириискэлэр кини састаабыгар киирбиттэрэ. 1962 сыллаахха Саха сиринээҕи уонна Магадаан уобалаһынааҕы совнархозтар бииргэ холбононнор, Магадаан куоракка кииннэнэн үлэлээн сылдьыбыттара. Эмиэ сэрии иннинэ эрэ Үөһээ-Индигиирдээҕи көмүстээх сир арыллыбыта. Адыаччы өрүс тардыытыгар көмүс көстөн, улахан бириискэ үөскээбитэ. 60-с сыллар саҥаларыттан Усуйаана оройуонун биир саамай баай көмүстээх Кулаардааҕы бириискэтэ үлэлээбитэ. 1990 сылга «Якутзолото» ПХ састаабыгар «Алданзолото», «Индигирзолото», «Джугджурзолото», «Куларзолото» уонна «Депутатскай» ХБК-лар киирэллэрэ. Эргэ систиэмэ эстээтин кытта, барыта үрүө-тараа ыһыллыбыта. 1997 сылга көмүһү хостооһун өрөспүүбүлүкэҕэ 18 туоннаҕа түһэ сылдьыбыта.
Прокопий Иванов
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: