Саха сиригэр көмүһү хостооһун устуоруйата

Share

Көмүһү хостооһун — Саха сирин пионер-бырамыысыланнаһа. Бодойбо Саха уобалаһын састаабыгар киирэр эрдэҕиттэн, 19 үйэ иккис аҥаарыттан, көмүстээх бириискэлэр тигинэччи үлэлии турбуттара. 20 үйэ 20-с сылларын саҥатыгар Алдан көмүһэ көстөр. 1923-1924 с.с. «Якутзолото» предприятие тэриллэн, көмүс сууйуута саҕаланар. Онон, Саха сирин хостуур бырамыысыланнаһын аныгы устуоруйатыгар, 1924 сыл көмүс бырамыысыланнаһа үөскээбит кэминэн киирэ сылдьар.

2024 сылга көмүһү хос­туур салаа тэриллибитэ 100 сылын туолар.  Өрөспүүбүлүкэҕэ көмүһү хостооһун дьыалата, уларыйыылаах-тэлэрийиилээх 90-с сылларга диэри, бырамыысыланнас биир саамай күүстээх, үрдүк барыыстаах салаатын быһыытынан үлэлээн кэлбитэ. Бэйэбит киһибит Т.Г.Десяткин салайар «Якут­золото» производственнай холбоһук, үлэтин түмүктэринэн, ааспыт үйэ 70-80-с сылларыгар бүтүн Сэбиэскэй Сойууска инники миэстэҕэ сылдьыбыта. Ол сылларга Саха сиригэр сылга 38 туонна көмүс хостоноро.

Былыргы Үөһээ уонна Аллараа Тайҕалар бириискэлэрин историяларын ылар буоллахха, көмүс үлэһиттэрин этинэн, ынах арыытынан, о.д.а. ас-үөл бородуукталарынан хааччыйыыга Саха сирин киин, илин эҥээрдээҕи уонна Бүлүү сүнньүнээҕи улуустарын нэһилиэнньэлэрэ сүрдээх киэҥник тардыллыбыттара. Ол түмүгэр Саха сирин тыатын улуустарыгар харчы эргиирэ улааппыта, сатабыллаах атыыһыттар уонна эргиэмсиктэр баар буолбуттара. Мас кэрдиитигэр, сыыйа-баайа шахта үлэтигэр саха дьоно маассабайдык үлэлээн киирэн барбыттара. Аҥаардас Бүлүү сүнньүн бары улуустарын бары нэһилиэктэриттэн, оччотооҕу көмүс хостооһунун үлэтигэр баран кэлбэтэх орто саастаах эр киһини булар, оччолорго күчүмэҕэй этэ.

Көмүс бырамыысыланнаһын устуоруйатыгар бэрт кыратык төннө түһэн ыллахха, 1925 сылга Алданнааҕы «Якутзолото» предприятие «Алданзолото» тресткэ уларытан тэриллэр. Эдэр автономнай өрөспүүбүлүкэ күүстээх эр санаалаах сала­йааччылара хотуулаахтык ту­руор­сууларын түмүгэр, трест үлэлиир маҥнайгы сылларыгар ылар барыһыттан 10%-нын, онтон кэлин көмүс хостонор баалабай кээмэйиттэн 5%-нын «үллэстиһэ» олорбуттара. 1937-1938 сс. эрэпириэссийэҕэ диэри «Алданзолото» трест үрдүкү уонна орто сүһүөх салалтатыгар элбэх саха эдэр тэхиниичэскэй интэ­лигиэнсийэтин бэрэс­тэбиитэллэрэ үлэлии олорбуттара. Оттон оробуочай кылааһын кэккэтигэр 3 тыһыынчаҕа чугаһыыр ахсааннаах саха дьоно үлэлээн ааспыттара. Аны туран, Алдан көмүһүн бастакы арыйааччыта М.П.Тарабукин – саха киһитэ. Саха сирин тө­рүт олохтоох нэһилиэнньэтэ хостуур бырамыысыланнас биир тутаах салаатын салалтатыгар уонна оробуочайын кэккэтигэр маассабайдык өтөн киирэн, үлэлээн сылдьыбыт оччотооҕу ситиһиитин күн бүгүнүгэр диэритин ситиһэ уонна хатылыы иликпит. Сыччах бу кыракый чахчынан да сыаналыыр буоллахха, Алдан көмүһүн историятыгар саха норуотун бөдөҥ кылаата баар. Алдан көмүһүн бырамыысыланнаһын историята – саха оробуочай кылааһын устуоруйатын баай ис хоһоонноох быстыспат сорҕото. Ону умнуо суохтаахпыт.

Ааспыт үйэ 30-с сылларыгар Ааллаах-Үүннээҕи көмүстээх сир арыллан, бириискэлэр тэриллибиттэрэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии иннинээҕи кэмтэн «Джугджурзолото» трест үлэтин саҕалаабыта. 1957 сылга совнархоз тэриллэн, Ааллаах-Үүн, Ыныкчаан, Бириндэкиит, о.д.а. бириискэлэр кини састаабыгар киирбиттэрэ. 1962 сыллаахха Саха сиринээҕи уонна Магадаан уобалаһынааҕы совнархозтар бииргэ холбононнор, Магадаан куоракка кииннэнэн үлэлээн сылдьыбыттара. Эмиэ сэрии иннинэ эрэ Үөһээ-Индигиирдээҕи көмүстээх сир арыллыбыта. Адыаччы өрүс тардыытыгар көмүс көстөн, улахан бириискэ үөскээбитэ. 60-с сыллар саҥаларыттан Усуйаана оройуонун биир саамай баай көмүстээх Кулаардааҕы бириискэтэ үлэлээбитэ. 1990 сылга «Якутзолото» ПХ састаабыгар «Алданзолото», «Индигирзолото», «Джугджур­золото», «Куларзолото» уонна «Депутатскай» ХБК-лар киирэллэрэ. Эргэ систиэмэ эстээтин кытта, барыта үрүө-тараа ыһыллыбыта. 1997 сылга көмүһү хостооһун өрөспүүбүлүкэҕэ 18 туоннаҕа түһэ сылдьыбыта.

Прокопий Иванов

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Социальнай пуонда биэнсийэни уонна оҕо босуобуйатын эрдэ төлүөҕэ

Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата биллэрбитинэн, 2025 с. тохсунньу ыйдааҕы биэнсийэни уонна босуобуйаны түҥэтии болдьоҕо…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Моҕой сыла хайдах буолуой?

Кэлэн иһэр 2025-с Моҕой сыла, астрологтар этэллэринэн, икки өрүттээх буолуоҕа: сорохторго ситиһии, үтүө уларыйыылар тосхойуохтара,…

2 часа ago
  • Сонуннар

Махталбын биллэрэбин

Олохпун, үлэбин кэрэ абылаҥнаах үҥкүүгэ анаабыт кэрэ кэмнэрим дьонугар уонна кэнники аттыбар буолан олохпун күн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьыллааҕы бит-билгэ

Хантан кэлбитэ, ким айбыта биллибэт эрээри, Саҥа дьыл бэйэтэ туспа үгэстээх, биттээх-билгэлээх. Сорох дьон маны…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мас ууһун идэтин баһылаабыт уол олоҕор толору бэлэмнээх буолар

Бу күннэргэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар мас ууһун уонна кыра массыыналары көрүү-истии, өрөмүөннээһин сатабылларын төһө иҥэриммиттэрин…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Сунтаарга буокса күрэһэ

Сунтаарга бу күннэргэ үс күн устата Алквиад Иванов аатынан Оҕо спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолаҕа…

5 часов ago