Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Ааптар:
02.01.2025, 18:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна.

Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. «Аныгы үөрэх эйгэтин тэрийии биһиги биир сүрүн сорукпут буолар. Уһук Илин сайдыытын национальнай бырайыактарынан уонна бырагыраамаларынан үөрэх инфраструктуратын тупсарыыга улахан хардыыны оҥордубут. 2018 сылтан  171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна — 77 оскуола дьиэтин уонна 79 оҕо уһуйаанын киллэрэн туран. Саха сирин үөрэҕириитин устуоруйатыгар маннык улахан тутуу хаһан да ыытыллыбатаҕа», — диэн өрөспүүбүлүкэ салайааччыта иһитиннэрдэ. Кини этэринэн, 2024 сыл түмүгүнэн Саха сирин куораттарыгар уонна оройуоннарыгар 15 аныгы оскуола дьиэтэ үлэҕэ киирдэ.

«Биир кэмҥэ биэс саҥа оскуола дьиэтин аанын тэлэччи аспыттара. Хас биирдии үөрэх дьиэтэ аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир уонна наадалаах оборудованиенан хааччылынна», — диэн эбэн эттэ Айсен Николаев. Ураты болҕомтоҕо — доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго хаачыстыбалаах үөрэх эйгэтин тэрийии. Сорох оскуолаларга анал кылаастар тэриллэннэр, үөрэнээччилэргэ барыларыгар тэҥ кыаҕы биэрэргэ пандустар туруорулуннулар.  Үөрэҕирии уонна билим министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, 24 оскуола эбийиэктэрин уопсай ахсааныттан судаарыстыба баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн киллэрилиннилэр.

Быйыл Саха сиригэр өссө 13 оскуола үлэҕэ киирэрэ былааннанар, ол иһигэр Дьокуускайга «Звезднай» түөлбэҕэ саамай улахан оскуола. «Саха сиригэр саҥа оскуола аһыллыытынан билигин аныгы тутуулаах дьиэлэринэн үөрэнэр кыах үөскүүр. Былааҥҥа — саҥа үөрэх тэрилтэлэрин тутуу, баараҕай оскуолалар матырыйаалынай-тэхиничэскэй баазаларын тупсарыы уонна үөрэх эйгэтигэр сыыппара технологияларын сайыннарыы», — диэн бэлиэтээтэ Михаил Присяжнай.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 января
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: