Саха сиригэр киһи олоҕун орто уһуна 73 сыл буолла

Share

Саха сиригэр киһи олоҕун орто уһуна 73,02 сылга тэҥнэстэ. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүтээҕэр эбиллибит.

Бэрэсидьиэн Владимир Путин дойду үрдүнэн киһи олоҕун уһатар усулуобуйаны оҥорон, 2030 сылга 78 сааска тэҥнэһэрин ситиһэргэ сорук туруорбута. Бу сыл ыам ыйыгар кини Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүтүгэр өрөспүүбүлүкэ демографическай бэлиитикэҕэ ситиһиилэрин бэлиэтээбитэ.

Статистика федеральнай сулууспатын дааннайынан, Саха сиригэр 2022 сылга киһи олоҕун уһуна 72,7 сыл этэ. Бу көрдөрүү эбиллиитэ доруобуйаны бөҕөргтөргө, чөл олоҕу тарҕатарга туһуламмыт бырагыраамалары киллэрии, мэдиссиинэ эбийиэктэрин тутуу, о.д.а. ньымаларынан ситиһилиннэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ «Вместе к активному долголетию 55+» бырагыраама үлэлээн, 20 тыһыынчаттан тахса киһи хабыллыбыта. Сааһырбыт дьон көхтөөх, доруобай буолалларыгар туһуламмыт бырагыраамалар эмиэ олус көдьүүстээхтэр.

Ону тэҥэ, «Демография» национальнай бырайыак үлэлээн, өрөспүүбүлүкэҕэ төрөөһүн эмиэ эьиллэр. 2023 сыл 9 ыйыгар 8360 оҕо төрөөтө. Оттон өлүү көрдөрүүтэ 8,3% намтаата.  Нэһилиэнньэ эбиллиитэ 9,4% үрдээн, 1000 киһиэхэ 3,5 киһинэн эбиллии баар буолла. 

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Быйыл икки аэропорду саҥардан оҥоруохтара

2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев…

5 часов ago