Саха сиригэр креативнай индустрия икки оскуолатын аһыахтара

Саха сиригэр креативнай индустрия икки оскуолатын аһыахтара

Ааптар:
17.10.2022, 10:42
Бөлөххө киир:

Дойду хааһынатыттан креативнай оскуолалары тэрийиигэ субъектары сүүмэрдиир куонкурус кыайыылаахтара билиннилэр. Туһааннаах докумуон Арассыыйа Култууратын министиэристибэтин саайтыгар тахсыбыт. Саха сирэ икки креативнай оскуоланы тэрийэригэр 85,7 мөл. солк. тигистэ. 

СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Юрий Куприянов иһитиннэрбитинэн, креативнай оскуолалар П.П.Романов аатынан Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр училище уонна А.Д.Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство кэллиэһигэр тэриллиэхтэрэ. Ити туһунан СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтэ суруйар.

— Саха сирэ креативнай индустрия оскуолаларын тэрийиигэ 85,7 мөл. солк. тигистэ. Бу биһиги оҕолорбут айар дьоҕурдарын сайыннарыыга саҥа көрүҥ (формат) буолар. Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство баазатыгар 90-тан тахса оҕо анимацияҕа уонна 3D-графикаҕа, хаартыскаҕа, видеоны оҥорууга, дизайҥҥа үөрэниэхтэрэ. Чопчу айар идэ бэрэстэбиитэллэрэ сыһыарыллан, устудьуоннар бырайыактыыр үлэҕэ ылсыахтара.

Дьокуускайдааҕы култуура кэллиэһигэр креативнай индустрия оскуолатын иитинэн тыаһы-ууһу оҥоруу режиссуратын уонна дизайнын, хаартысканы уонна видеоны оҥоруу, ону тэҥэ, электроннай муусука устуудьуйатын тэрийэри былаанныыллар. Манна үөрэнэр оҕолор, эдэр исписэлиистэр – биһиги кинематографиябыт, муусукаҕа индустриябыт, тыйаатырбыт, уо.д.а. кэскиллэрэ, — диэн миниистир бэлиэтиир.

Үбүлээһин көрүллүүтүгэр сайаапкалары СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтэ киллэрбит. Үс саайпкаттан иккитэ кыайбыт.

Санатан эттэххэ, РФ Култууратын министиэристибэтин креативнай индустрияҕа оскуолатын бырайыага, эрэгийиэннэргэ 12-17 саастаах оҕолор үөрэнэллэригэр айар эйгэлэрин тэрийэрэ сабаҕаланар. Оскуолалар алта устуудьуйаттан туруохтара. Үөрэнээччилэр электроннай муусуканан, хаартысканы уонна видеоны оҥоруунан, анимациянан уонна 3D-графиканан, VR уонна AR сыыппара интерактивнай технологиятынан дьарыктаныахтара. Үөрэххэ сыл аайы ылыахтара, куурус икки сылтан үөһэ буолуоҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: