Салгыы
Саха сиригэр куһаҕан дьаллыктан аккаастаныы нэдиэлэтэ саҕаланна

Саха сиригэр куһаҕан дьаллыктан аккаастаныы нэдиэлэтэ саҕаланна

25.03.2024, 17:00
Хаартыска: Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ
Бөлөххө киир:

Киһиэхэ арыгыттан, наркотиктан, табахтан, интэриниэт оонньууларыттан уо.д.а. куһаҕан дьаллыктартан тутулуктаныы баар буолар.

Холобур, куһаҕан дьаллыктартан тутулуктаныыны  суох оҥорор эбэтэр аҕыйатар туһугар, бастатан туран, баар кыһалҕаны үчүгэйдик өйдөөн тустаах идэлээх дьонтон көмө ылыахха наада.  Тоҕо диэтэххэ, тутулуктаныы бэйэтэ ааһан хаалбат, бэйэҕиттэн элбэх күүһү-уоҕу,  тулалыыр дьонуҥ өйөбүлүн ирдиир.

Сүрүнэ – көмө көрдүүртэн куттаммакка,  чэгиэн туруктаах, дьоллоох олоххо саҥа суолу  тобулуохха наада.

Арыгыттан, наркотиктан уо.д.а. тутулуктаныы боппуруостарыгар  Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын 8 924 591 10 20 эрийиэххэ сөп.

Эрэнии (доверие)  төлөпүөнэ: 8 924 567 89 90.

Диспансер атын хантаактара:

Саайт — yarnd.mzsakha.ru

Вконтакте — https://vk.com/public211136464

Телеграм — https://t.me/yrnd14

Одноклассники — https://ok.ru/group/68846574239797

ххх

Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын кылаабынай бырааһын тэрээһин-методическай үлэҕэ солбуйааччы Любовь Николаевна Копылова арыгылаах утах содулун туһунан кэпсээбитин билсиэҕиҥ.

-Биири өйдөтөн этиэхпин баҕарабын: саха киһитэ соҕурууҥҥу атын омуктар организмнарыттан олох атын тутуллаах буолан, арыгыга кэбэҕэстик ылларар. Хомойуох иһин, ону билиммэккэ, куруук бу утаҕы иһэр дьон өй-санаа өттүнэн  тутулукка киириэхтэрин сөп. Арыгыта суох буоллахтарына, туохтара эрэ тиийбэт, олохтон соччо үөрбэт-көппөт буолаллар. Ол аата сааныктарыгар этиил испиирэ олохсуйан, наадалаах эттиккэ кубулуйан, көрдүүр организм бэйэтэ көрдүүрүгэр кубулуйар. Маннык дьону бу дьаллыктан эмтиир күчүмэҕэй уонна элбэх үлэни, сыраны киһиттэн бэйэтиттэн да, быраастан да эрэйэр. Наркология диспансерыгар киһи, бастатан туран, бэйэтин баҕатынан киирэр. Ардыгар суут уурааҕынан, күһэлэҥ да өттүнэн киирэн эмтэнэн тахсар түгэннэрэ бааллар. Олоххо тардыһар дьон бэйэлэрэ баҕа өттүнэн кэлэн эмтэнэн учуокка туруулара баар суол. Бу дьону биһиги икки сылга учуокка ылан эмтиибит, психологка сырытыннарабыт. Икки сыл устата хас ый аайы кэлэн, арыгыны испэккэ сылдьарын туоһулаан анаалыс туттарар, бырааска көрдөрөр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: