Саха сиригэр куйаар ситимигэр түөкүннээһин элбиир
Саха сиригэр буруйу оҥоруу Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ намыһах көрдөрүүлээх. Бу туһунан СӨ ИДьМ уорганнарын 2023 сыллааҕы отчуотугар суруллубут.
Отчуот иһитиннэриитэ олунньу 28-29 күннэригэр ыытыллыахтаах Ил Түмэн бэһис уочараттаах пленарнай мунньаҕар көрүллүөҕэ. Докумуон Ил Түмэн саайтыгар баар.
2023 сыл түмүгүнэн Саха сиригэр буруйу оҥоруу регистрацияламмытынан 3%-нан түспүт, оттон Уһук Илин уокурукка – 1,0% , Арассыыйа үрдүнэн -4,7%. Ордук намыһах буруйу оҥоруу Орто Халыма (300), Уус Алдан (390,9), Эбээн-Бытантай (400,0), Таатта (417,7), Абый (450,0), Кэбээйи (509,1), Амма (517,7) улуустарыгар бэлиэтэнэр. Оттон муҥутуур элбэх буруйу оҥоруу Аллайыаха (1750,0), Алдан (1707,5), Өймөкөөн (1550,0), Нерюнгри (1414,3), Ленскай (1303,0) улуустарынан уонна Дьокуускай куоракка (1690,8) тахсыбыт.
Өрөспүүбүлүкэҕэ сааһын ситэ илик оҕолор буруйу оҥоруулара 7,5% түспүт. Саамай элбэх буруйу оҥоруу 9 улууска регистрацияламмыт, муҥутуур элбэх буруйданааччы Нерюнгри, Алдан уонна Уус Алдан улуустарынан бааллара быһаарыллыбыт.
Итирик туруктаах сылдьан буруйданааччы ахсаана 11 улууска эбиллибит, ол курдук муҥутуур элбэх Нам, Уус-Алдан уонна Анаабыр улуустарынан регистрацияламмыт. Суол быһылаана тахсыыта Саха сиригэр 9,5%, ону кытта эмсэҕэлээнээччи ахсаана 8,8% үрдээбит. Ол эрэн Саха сиригэр суол быһылаана тахсыыта дойду эрэгийиэннэрин ортолоругар намыһах көрдөрүүлээҕинэн ааҕыллар.
Оттон куйаар ситимин туһанан түөкүннээһин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 24,3%-нан эбиллибит, ону таһынан харчыга албыннааһын – 37,4%, ыраахтан олорон харчыны уоруу – 21,5%. Үксүн суотабай төлөппүөнтэн эрийэн, социальнай ситимҥэ сымыйа биллэрии таһааран дьону албынныыллар, өйдөрүн баайаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: