Саха сиригэр куйаар ситимигэр түөкүннээһин элбиир

Share

Саха сиригэр буруйу оҥоруу Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ намыһах көрдөрүүлээх. Бу туһунан СӨ ИДьМ уорганнарын 2023 сыллааҕы  отчуотугар суруллубут.

Отчуот иһитиннэриитэ олунньу 28-29 күннэригэр ыытыллыахтаах Ил Түмэн бэһис уочараттаах пленарнай мунньаҕар көрүллүөҕэ. Докумуон Ил Түмэн саайтыгар баар.

2023 сыл түмүгүнэн Саха сиригэр буруйу оҥоруу регистрацияламмытынан 3%-нан түспүт, оттон Уһук Илин уокурукка – 1,0% , Арассыыйа үрдүнэн -4,7%. Ордук намыһах буруйу оҥоруу Орто Халыма (300), Уус Алдан (390,9), Эбээн-Бытантай (400,0), Таатта (417,7), Абый (450,0), Кэбээйи (509,1), Амма (517,7) улуустарыгар бэлиэтэнэр. Оттон муҥутуур элбэх буруйу оҥоруу Аллайыаха (1750,0), Алдан (1707,5), Өймөкөөн (1550,0), Нерюнгри (1414,3), Ленскай (1303,0) улуустарынан уонна Дьокуускай куоракка (1690,8) тахсыбыт.

Өрөспүүбүлүкэҕэ  сааһын ситэ илик оҕолор буруйу оҥоруулара 7,5% түспүт. Саамай элбэх буруйу оҥоруу 9 улууска регистрацияламмыт, муҥутуур элбэх буруйданааччы Нерюнгри, Алдан уонна Уус Алдан улуустарынан бааллара быһаарыллыбыт.

Итирик туруктаах сылдьан буруйданааччы ахсаана 11 улууска эбиллибит, ол курдук муҥутуур элбэх Нам, Уус-Алдан уонна Анаабыр улуустарынан регистрацияламмыт. Суол быһылаана тахсыыта Саха сиригэр 9,5%, ону кытта эмсэҕэлээнээччи ахсаана 8,8% үрдээбит. Ол эрэн Саха сиригэр суол быһылаана тахсыыта дойду эрэгийиэннэрин ортолоругар намыһах көрдөрүүлээҕинэн ааҕыллар.

Оттон куйаар ситимин туһанан түөкүннээһин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 24,3%-нан эбиллибит, ону таһынан харчыга албыннааһын – 37,4%, ыраахтан олорон харчыны уоруу – 21,5%. Үксүн суотабай төлөппүөнтэн эрийэн, социальнай ситимҥэ сымыйа биллэрии таһааран дьону албынныыллар, өйдөрүн баайаллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

4 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

4 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

4 часа ago