Саха сиригэр 2024 сыллаахха «Табыгастаах куортамнаах дьиэ» федеральнай бырагырааманы олоххо киллэрии саҕаланна.
Бу бырагыраама ирдэнэр исписэлиистэри бэйэҕэ тардыыга, олохсутан хаалларыыга, кинилэри чэпчэтиллибит куортамнаах, табыгастаах кыбартыыраларынан хааччыйыыга туһаайыылаах. Кыбартыыралар киһи киирдэ да олороругар бэлэмнэр – миэбэлэ, дьиэҕэ туттуллар тэрилэ барыта баар, диэн иһитиннэрэр СӨ Тутуу министиэристибэтин телеграм-ханаала.
Бастаан өрөспүүбүлүкэҕэ 850 кыбартыыра лимиитэ бэриллибит буоллаҕына, соторутааҕыта Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыга бырабыыталыстыба хамыыһыйатын быһаарыытынан, Саха сирэ эбии 153 кыбартыыра лимиитин ылла. Ол курдук, Дьокуускай, Нерюнгри, Мииринэй уонна Алдан куораттарга холбоон, 1003 куортамҥа бэриллэр кыбартыыра тутуллуохтаах.
Билиҥҥи кэмҥэ Дьокуускайга 24 кыбартыыра тутулунна, онно дьон киирэн олороллор.
В 2025 сылга элбэх кыбартыыралаах биэс дьиэ үлэҕэ киллэриллэн, эрэгийиэннээҕи эпэрээтэргэ туттарыллыахтаах: Дьокуускайга — 141 кыбартыыра, Нерюнгрига — 192 кыбартыыра, Алдаҥҥа — 28 кыбартыыра.
Санатан эттэххэ, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн “Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка табыгастаах куортамнаах дьиэ” бырагыраама саҕаламмыта. Саха сиригэр бырагыраама эрэгийиэннээҕи эпэрээтэринэн «СӨ олорор дьиэ бырагырааматын сайыннарар киин» АНО буолар.
Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…