Бүгүн, атырдьах ыйын 23 күнүгэр, Курскай кыргыһыыга Сэбиэскэй сэриилэр ньиэмэс халабырдьыттарын үлтүрүтүүлэрин 80 сыла бэлиэтэнэр.
Кыайыы болуоссатыгар Курскай кыргыһыыга сэбиэскэй сэриилэр ньиэмэс халабырдьыттарын үлтүрүтүүгэ кыттыбыттарга анаммыт “Кыайбыт буойуттар” монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэрэ-туома буолла.
“Хас биирдии киһи олоҕор уонна дойдуга дьылҕаны салгыы түстүүр түгэннэр баар буолаллар. Биһиги син биир кыайыылаах тахсыахпыт, онтон атын суолбут суох”, — диэтэ Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина.
“Кыайыы волонтердара” Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи эрэгийиэннээҕи салаатын салайааччыта Алгыс Петров этэринэн, бу бэлиэ күн сэрии хайдах түмүктэнэрин быһаарбыта. Онон бүгүн Арассыыйа олохтоохторо хаһааҥҥытааҕар даҕаны түмсүөхтээхтэр.
Миитин кыттыылаахтара Ийэ дойдуларын туһугар олохторун толук уурбут Курскай кыргыһыы кыттыылаахтарын өйдөөн-санаан саҥата суох сөҥүөрүйэн турдулар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…