Саха сиригэр Курскай кыргыһыыга дьоруойдуу охтубуттары кэриэстиэхтэрэ

Саха сиригэр Курскай кыргыһыыга дьоруойдуу охтубуттары кэриэстиэхтэрэ

Ааптар:
22.08.2024, 15:34
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Быйыл, атырдьах ыйын 23 күнүгэр, Аҕа дойду Улуу сэриитин быһаарыылаах чыпчаалынан буолбут Курскай Тоҕойдооҕу кыргыһыы түмүктэммитэ, Сэбиэскэй сэриилэр ньиэмэс халабырдьыттарын үлтүрүтүүлэрин 81 сыла буолар.

Аатырар Прохоровкаҕа буолбут кыргыһыыга Кыһыл аармыйа уонна Вермахт өттүлэриттэн тыһыынчалыы таанкалар утарыта киирсибиттэрэ биллэр. Бу кыргыһыы от ыйын 5 күнүгэр саҕаланан баран, атырдьах ыйын 23 күнүгэр түмүктэммит.

Атырдьах ыйын 23 күнүгэр Кыайыы болуоссатыгар Курскай кыргыһыыга сэбиэскэй сэриилэр ньиэмэс халабырдьыттарын үлтүрүтүүгэ кыттыбыттарга анаммыт “Кыайбыт буойуттар” монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэрэ-туома буолуоҕа.

Санаттахха, бүгүн Арассыыйа былааҕын күнүгэр Дьокуускайга «Курск, мы с тобой!» диэн Курскай уобаласка эмсэҕэлээбиттэргэ гуманитарнай көмөнү хомуйуу салҕанар. Тэрээһинбүгүн, атырдьах ыйын 22 күнүгэр, киэһэ 17.00 чаастан киин куоракка А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин аттыгар, «АртАтриум – сквер К.Маркса» диэн былаһааккаҕа арыллыа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: