Салгыы
Саха сиригэр Курскай уобаласка эмсэҕэлээбит дьоҥҥо анаан туоннаттан тахса гуманитарнай көмө хомулунна

Саха сиригэр Курскай уобаласка эмсэҕэлээбит дьоҥҥо анаан туоннаттан тахса гуманитарнай көмө хомулунна

12.08.2024, 20:15
Хаартыска: sakha.gov.ru саайтан.
Бөлөххө киир:

Хомуур пуунугар Курскай уобаласка эмсэҕэлээбит дьоҥҥо анаан гуманитарнай көмөнү хомуйуу салҕанар. Бүгүҥҥү күҥҥэ туоннаттан тахса гуманитарнай көмө хомулунна диэн “Биир Ньыгыл Арассыыйа” Саха сирин эрэгийиэннээҕи ситэриилээх кэмитиэтин салайааччыта Сулустаан Заболоцкай эттэ. 

“Бэйэлэрин үтүө баҕаларынан көмөлөһөр дьон куруук көмө буолаллар. Бу субуотаҕа бастакы баартыйабыт РФ Бэрэсидьиэнигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин нөҥүө Курскай уобалас гуманитарнай ыскылаатыгар барыаҕа”, – диэтэ тас сибээстэргэ уонна өрөспүүбүлүкэ норуоттарын дьыалаларыгар миниистир бастакы солбуйааччыта Сергей Хатылыков.

Өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ тэрилтэлэрэ көхтөөх кыттыыны ылаллар, ол иһигэр доруобуйа харыстабылын эйгэтэ. “Миэдиктэр түмсүүлэрэ Курскай уобаласка буола турар быһыыны-майгыны долгуйан олорон кэтиир. Гуманитарнай көмөнү хомуйуохха диэн ыҥырыыга өрөспүүбүлүкэ бары мэдиссиинискэй тэрилтэлэрэ сөбүлэспиттэрэ. Бэрт түргэнник дьоҥҥо бастаан утаа наада буолар мал-сал хомулла охсубута”, – диэтэ Доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччы Дмитрий Сергин.

Украина Сэбилэниилээх күүстэрин ытыалааһыннарыттан эмсэҕэлээбит Курскай уобалас олохтоохторугар ким баҕарар көмөлөһүөн сөп. Гуманитарнай көмөнү тутар хомуур пууна Дьокуускайга Курашов аатынан уул. 24 №-гэр, 405 кэбиниэккэ “Биир Ньыгыл Арассыыйа” баартыйа уопсастыбаннай өйөбүлүн ыстаабыгар баар, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -2°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 93% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: