Саха сиригэр кутталлаах быһыы-майгы эрэсиимэ уһулунна

Share

Бүгүҥҥүттэн ойуурга Саха сиригэр кутталлаах быһыы-майгы эрэсиимэ уһулунна, ол туһунан ыйааҕа Ил Дархан Айсен Николаев таһаарда.

Бу туһунан СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Ыксаллаах быһыы-майгы эрэсииимэ өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар от ыйын 3 күнүгэр киирбитэ уонна икки ыйтан ордук турда. Бүгүҥҥү туругунан Өлүөхүмэ улууһугар эрэ 6 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр.

Баһаар сезонун кэмигэр ойуур пуондатыгар уопсайа 1,4 мөл. га иэннээх сиргэ 823 баһаар турбута бэлиэтэммитэ. Баһаар үгэнигэр 1,5 тыһыынчаттан тахса киһи уоту умуруорууга үлэлээбитэ. Өрөспүүбүлүкэ бэйэтин дьонун таһынан, баһаары умуруорууга «Авиалесоохрана» ФБУ уонна Бурятия уонна Тыва Өрөспүүбүлүкэлэриттэн, Забайкальскай уонна Красноярскай кыраайдартан, Архангельскай уонна Иркутскай уобаластартан 800-чэкэ парашютист, десатник кэлэн үлэлээтэ.

Билиҥҥи туругунан Саха сиригэр 14 ойуур баһаара баар биллэр: Өлүөхүмэҕэ – 6, Нерюнгрига – 3, Алдаҥҥа – 2, Кэбээйи, Ленскэй, Ньурба оройуоннарыгар – биирдии.
Баһаары 232 киһи умуруорар, 9 тиэхиньикэ үлэлиир.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саҥа сылы доруобуйаны айгыраппакка көрсүөххэ

Саҥа дьыл кэнниттэн сорохторго өссө биир уоппуска кэмэ наадатын курдук буолар. Тоҕо диэтэххэ, урукку тэтимнэригэр…

14 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОҔО СААҺЫМ САҤА ДЬЫЛА…

Аҕыйах оҕону бэлэмнээн, хаар түспүтүн кэннэ сыарҕалаах ат булан, пиэримэҕэ кэнсиэрдии барабыт. Миигин бэлэмнээн биллэрээччи…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алексей Еремеев: «Үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан!»

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһигини үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан уонна Ороһуоспанан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Уот кыһыл ат сылыгар туох күүтэрий?

Илиҥҥи халандаар этэринэн, хас биирдии сыл гороскопка баар 12 кыыл салалтатынан ааһар. Үүнүөхтээх 2026 сыл…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев: «Ис сүрэхпиттэн үүнэн иһэр 2026 сылынан эҕэрдэлиибин!»

Ис сүрэхпиттэн үүнэн иһэр 2026 сылынан эҕэрдэлиибин! Биһиги XXI үйэ иккис чиэппэригэр үктэнэбит. Бэлиэ түгэннэринэн, чаҕылхай ситиһиилэринэн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: ахсынньы 31 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл хайдаҕый? Төһө тымныйарый? Хаар түһэр дуо? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр сорох сиринэн кыра…

4 часа ago