Саха сиригэр Кыһыл Сыыр-Мастаах магистральнай гаас турбатын бырамыысыланнай туһаныыта саҕаланна

Share

Ил Дархан Айсен Николаев уонна дойду Бырабыыталыстыбатын солбуйааччы Александр Новак видео кэмпириэнсийэ сибээһинэн ахсынньы 23 күнүгэр, бэнидиэнньиккэ, Кыһыл Сыыр-Мастаах магистральнай гаас турбатын үһүс түһүмэҕэ түмүктэнэн бырамыысыланнай үлэҕэ киллэриигэ көҥүлү биэрдилэр.

Бу туһунан  СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар. Орто Бүлүүттэн гаас конденсаттаах сиртэн Мастаах бөһүөлэккэ диэри 84 км уһуннаах магистральнай гаас турбатын үһүс утаҕын тутуута Уһук Илиҥҥэ биир улахан суолталаах гаас бырайыактарыттан биирдэстэрэ.

«Кыһыл Сыыр» магистральнай гаас турбатын үлэҕэ киллэрии Саха сирин олохтоохторугар улахан социальнай-экэнэмиичэскэй суолталаах уонна Саха сирин киин оройуонун гааһынан хааччыйыыга тирэх буолуоҕа. Манна 102 нэһилиэнньэлээх пуун, ол иһигэр Дьокуускай, Покровскай уонна Бүлүү куораттара киирэллэр. Бу нэһилиэнньэлээх пууннарынан 456 тыһыынча киһи олорор, социальнай инфраструктура 626 эбийиэгэ — 220 оскуола, 235 оҕо уһуйаана, 171 мэдиссиинэ тэрилтэтэ баар», — диэн бэлиэтээтэ Александр Новак. 

Хаартыска: sakha.gov.ru

Ил Дархан Айсен Николаев Саха сириэр гаастааһын эйгэтигэр ситиһиилэрин бэлиэтээтэ.

«Бу учаастак үлэҕэ киирбитинэн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр киин оройуоннарынан энергетическэй кыаҕа күүһүрэр. Ол аата Саха сирин киин куората уонна атын нэһилиэнньэлээх пууннара холкутук сайдыахтарын уонна инникигэ эрэлээх буолуохтарын сөп. Бэрэсидьиэн быһаарыытынан социальнай гаастааһын биһиэхэ күүстээх тэтиминэн сайдар. Саха сирэ, биһиги дойдубут атын эрэгийиэннэрин курдук, гаастааһын эйгэтигэр маннык улахан кээмэйинэн гаастааһыны хаһан да көрсө илигэ — сыл ахсын гаас тыһыынчанан олохтоохтор дьиэлэригэр тиийэр. Кэлэр сылга туруоруллубут соруктары «Сахатранснефтегаз» толоруоҕа, мэлдьи буоларын курдук кылгас болдьох иһигэр диэн эрэнэбин. Хампаанньа кэлэктиибигэр уонна бэдэрээтчиттэригэр бэрт судургута суох усулуобуйаҕа, ону сэргэ толоруллубут үлэ үрдүк хаачыстыбалааҕынан махтанабын», – диэтэ Айсен Николаев. «Сахатранснефтегаз» национальнай ньиэп-гаас хампаанньата 2022 сыл муус устарыгар «Кыһыл  Сыыр- Мастаах» учаастакка гаас турбатын үһүс салаатын  тутууну саҕалаабыта. Бу кэм иһигэр 84 километр уһуннаах гаас турбата тутулунна. Эбийиэккэ 200-тэн тахса киһи уонна 40-тан тахса тиэхиньикэ үлэлээтэ.

Саха сирин киин оройуонун гаас ситимэ 1967 сылтан үлэлиир уонна Орто Бүлүүтээҕи гаас конденсаттаах Мастаах-Бэргэ-Дьокуускай биир кэлим комплексыттан турар. Гаас турбатын үһүс утаҕын тутуу 1999 сыллаахха саҕаламмыта.

«2013 сылга диэри Уһук Илин уонна Забайкалье экэнэмиичэскэй уонна социальнай сайдыыта» федеральнай тус сыаллаах бырагыраама чэрчитинэн уонна «2018 сылга диэри Уһук Илин уонна Байкал эрэгийиэнин экэнэмиичэскэй уонна социальнай сайдыыта»  Мастаах-Бэргэ-Дьокуускай хайысханан 382 километр уһуннаах гаас турбата тутуллубута уонна 2013 сыллаахха тохтотуллубута. 2013 сылтан ситэ оҥоһуллубатах гаас турбатын учаастагын   Мастаах-Бэргэ-Дьокуускай хайысханан 84 километр уһуннаах гаас турбатын тутуута 2022 сыл муус устарыгар дойду Бырабыыталыстыбатын Бэрэсээдээтэлин солбуйааччы Михаил Мишустин уонна  РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-РФ Бэрэсидьиэни Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев уонна Энергетика министиэристибэтин көмөтүнэн ыытыллыбыта. Бырайыак быһыытынан, 84 км кэриҥэ уһуннаах эбийиэк тутуутун уопсай сметнэй сыаната 8,6 млрд солк., ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн — 2,8 млрд солк., Саха сирин бүддьүөтүттэн — 2,6 млрд солк. «Сахатранснефтегаз» АУо бэйэтин үбүттэн -3,2 млрд солк.

Санатан эттэххэ, Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр Уһук Илиҥҥэ социальнай гаастааһыҥҥа Саха сирэ бастакы күөҥҥэ сылдьар. Судаарыстыба баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит бырагырааматын толорууга Саха сирэ дойду үрдүнэн 8 миэстэни ылар. 2021 сыл саҕаланыаҕыттан 8,5 тыһыынча ыал дьиэнэн хааччылынна, оттон 2025 сылга ити сыыппара 10 тыһыынчаҕа диэри улаатыахтаах.

Recent Posts

  • Бэрээдэк

Уорбут бэлисипиэдин 500 солк. атыылаабыт

Дьокуускайга полиция 3-с №-дээх отделыгар 30 тыһ.солк. суумалаах бэлисипиэди уорбуттарын туһунан иһитиннэрбиттэр. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан көҕүлээһиннэргэ туһуламмыт саҥа соруктары туруорда

Бүгүн Ил Дархан  Айсен Николаев Бырабыытылыстыба уонна дьаһалта былаанныыр мунньаҕар федеральнай уонна стратегическай көҕүлээһиннэри олоххо…

57 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бу нэдиэлэҕэ күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Сиргэ кэнники үс ый иһигэр саамай күүстээх магнитнай буурҕа түстэ, ол күүһэ G3 баалга чугаһаата.…

1 час ago
  • Сонуннар

«Биир ньыгыл Арассыыйа» инники күөҥҥэ

Сунтаар улууһугар "Биир ньыгыл Арассыыйа" баартыйаттан турбут А.В.Григорьев баһылыгынан талылынна. Биир дойдулаахтара кини үлэтин үрдүктүк…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Иенгра: тоҥус кэпсэммэтэх кистэлэҥэ

“Проверено на себе” диэн билиҥҥи угуйук саха майгытыгар сүрдээҕин сөп түбэһэр эбит. Тоҕо диэтэххэ кини барытын…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро тус сыаллаах дуогабарынан үөрэнэллэр

Үөрэх эйгэтигэр анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолорун өйөбүл өрөспүүбүлүкэҕэ сүрүн соругунан буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ байыаннай…

2 часа ago