Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, атырдьах ыйын 23 күнүгэр, Бэтэрээннэр өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорумнарыгар Кыайыы 80 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэргэ бэлэмнэниини саҕалыырга соруйда.
Айсен Николаев бэтэрээннэри Курскай кыргыһыыга Сэбиэскэй сэриилэр ньиэмэс халабырдьыттарын үлтүрүтүүлэрин Кыайыы 80 сылынан эҕэрдэлээтэ.
«Хас да сыл аастар, сэрии иэдээнин ким да умнубат. Хас биирдии ыал төрөөбүт дойдубут иһин сэриилэспит, тыылга үлэлээбит чугас дьонун саныыр, өйдүүр. Бу сылларга килбиэннээхтик үлэлэлээбит Саха сирин олохтоохторун судаарыстыба таһымыгар бэлиэтээбиттэрэ. Оттон Дьокуускай уонна Алдан куораттарбыт бэрэсидьиэн Владимир Путин ыйааҕынан «Килбиэннээх үлэ куораттарынан» буоллулар», — диэн Айсен Николаев пуорум кэмигэр эттэ.
Курскай кыргыһыыга Саха сирин 985 саллаата олоҕун толук уурбута.
Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 122 тыһыынча бэтэрээн олорор, ол иһигэр — 16 сэрии бэтэрээнэ, 2250 тыыл бэтэрээнэ, 3889 бойобуой дьайыы бэтэрээнэ, 115 тыһыынча үлэ уонна байыаннай сулууспа бэтэрээннэрэ. Кинилэр истэригэр 12 тыһыынча сэрии сылын оҕото баар.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…