Саха сиригэр «Кыайыы пуойаһа» кэллэ

Share

Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Саха сиригэр  «Кыайыы пуойаһа» көһө сылдьар мусуой кэллэ. Үс күн иһигэр Аллараа Бэстээх тимир суолун ыстаансыйатыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы «Кыайыы пуойаһа» диэн сырдатар бырайыак чэрчитинэн быыстапка үлэлиэҕэ.  

«Кыайыы сөҕүмэр күүһүнэн, элбэх сиэртибэнэн бэриллибитэ. Бу ыарахан сыллары туоруурга тулуур, дьоруойдуу санаа уонна хорсун быһыы эрэ көмөлөспүттэрэ. Аҕа дойдубутун көмүскээччилэрбитин ахтар, кэриэстиир уонна инники көлүөнэҕэ бу алдьархайдаах сыллар тустарынан тириэрдэр биһиги иэспит буолар», — диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев. 

«Кыайыы пуойаһа» өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун кэрэхсэттэ. Бүгүн быыстапкаҕа оскуола үөрэнээччилэрэ, юнармеецтар, бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара, ону тэҥэ Мэҥэ Хаҥалас олохтоохторо сырыттылар.

Пуойаска уопсайа 12 богуон баар, онтон 10-а — экспозиционнай. Араас тиэмэлэринэн арахсыбыт уон богуон устун Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмнэриттэн көрүөххэ сөп.

Балаҕан ыйын 26 күнүттэн алтынньы 2 күнүгэр диэри пуойас маннык араспысаанньанан үлэлиэҕэ:

Аллараа Бэстээх —

26.09.2023 –  10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.
27.09.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.
28.09.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.

Алдан —

29.09.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.

Нерюнгри:

30.09.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.
01.10.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.
02.10.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олох очурдара: Аймахтарын булбута

Лада дьиэтигэр киэһэ 9 чаас саҕана түгэх хоһугар көмпүүтэргэ үлэлии олорон, эмискэ ойон туран түннүк…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билгэ: Мутукча күһүн түспэккэ хааллаҕына…

Уһун өттүктээх, халыҥ бууттаах, кылгас бэрбээкэйдээх, модьу-таҕа атахтаах, убаҕас сиэллээх, хомпоҕор кэҥэриилээх, киэҥ таныылаах, уһун…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ытык дьоммут оһуокайдаан бардылар

Сэтинньи 2 күнүгэр СӨ Оһуокай түмсүүтүн ыҥырыытынан ытык дьоммут, Арассыыйаҕа туризмы тэрийиигэ хонноохтоохтук ылсан үлэлии…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үтүө холобур ыччаты угуйар

Таатта улууһун Харбалаах сэлиэнньэтин олохтоох бибилэтиэкэтин дьиэтигэр аҕам саастаах дьон - урукку хомсомуоллар Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин…

13 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр оттук мас бэлэмнээтилэр

Сунтаар улууһун дьаһалтатын, тыа хаһаайыстыбатын, үөрэҕирии, култуура о.д.а. управлениелар үлэһиттэрэ салайааччы Анатолий Григорьев тула түмсэн,…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Егор Молотков – саха бастакы бөлүһүөгэ

Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй саха сайдыытын түстээбит “Саха интеллигенциятыгар суруга” бүгүҥҥү күҥҥэ диэри ким өҥөтүнэн тиийэн…

14 часов ago