Хаартыска: Мария Васильева, СИА
Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Саха сиригэр «Кыайыы пуойаһа» көһө сылдьар мусуой кэллэ. Үс күн иһигэр Аллараа Бэстээх тимир суолун ыстаансыйатыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы «Кыайыы пуойаһа» диэн сырдатар бырайыак чэрчитинэн быыстапка үлэлиэҕэ.
«Кыайыы сөҕүмэр күүһүнэн, элбэх сиэртибэнэн бэриллибитэ. Бу ыарахан сыллары туоруурга тулуур, дьоруойдуу санаа уонна хорсун быһыы эрэ көмөлөспүттэрэ. Аҕа дойдубутун көмүскээччилэрбитин ахтар, кэриэстиир уонна инники көлүөнэҕэ бу алдьархайдаах сыллар тустарынан тириэрдэр биһиги иэспит буолар», — диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев.
«Кыайыы пуойаһа» өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун кэрэхсэттэ. Бүгүн быыстапкаҕа оскуола үөрэнээччилэрэ, юнармеецтар, бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара, ону тэҥэ Мэҥэ Хаҥалас олохтоохторо сырыттылар.
Пуойаска уопсайа 12 богуон баар, онтон 10-а — экспозиционнай. Араас тиэмэлэринэн арахсыбыт уон богуон устун Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмнэриттэн көрүөххэ сөп.
Балаҕан ыйын 26 күнүттэн алтынньы 2 күнүгэр диэри пуойас маннык араспысаанньанан үлэлиэҕэ:
Аллараа Бэстээх —
26.09.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.
27.09.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.
28.09.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.
Алдан —
29.09.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.
Нерюнгри:
30.09.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.
01.10.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.
02.10.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.
Ахсынньыга үөрэх үлэһиттэрин саамай улахан күөн күрэһэ — Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала‑2025” күөн күрэс өрөспүүбүлүкэтээҕи…
2026 сыл зодиак бары бэлиэлэригэр уларытыыны, бэлэҕи бэлэмнээн турар. Сорохтору дьылҕаларын быһаарар көрсүһүү, үлэҕэ үрдээһин…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Людмила Попова "Оҕо кута" кэпсээнин…
2026 сыл хайдах буолуоҕун Саха сиригэр киэҥник биллибит экстрасенс Алексей Иванович Божедонов‑Сырдык хаһыаппыт ааҕааччыларын кытары…
Тохсунньу – Таҥха Хаан Айыы ыйа. Тохсунньу тутула Тохсунньуну былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Хотугу сахалар…
Саха сиригэр саҥа сыл саҕаланыытыгар тыаллаах уонна тымныы күн-дьыл турарын туһунан Саха сиринээҕи гидрометеокиин иһитиннэрэр. …