Кыһыл көмүһү хостуур бырамыысыланнас Саха АССР индустриятын бастакы хараҥаччыта. Национальнай архыып дааннайынан, оччолорго өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ хайа үлэһиттэрин таһаарыылаах үлэлэринэн 80% оҥоһуллара. Сыллар ааспыттарын кэнниттэн кыһыл көмүс алмааһынан уонна чоҕунан ситэриллибитэ.
Билигин бырамыысыланнас Саха сирин иһинээҕи баалабай бородууктата 50% оҥорор, оттон бюджекка дохуоту кыһыл көмүс биэс лидер иһигэр киирэр уонна сылга ортотунан 20 млрд солк биэрэр.
Тэрилтэҕэ 15 тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиир. Орто хамнас 165 тыһ солк.