Салгыы
Саха сиригэр “Кыһыл Сыыр – Мастаах” газопровод үһүс утаҕын тутуу түмүктэннэ

Саха сиригэр “Кыһыл Сыыр – Мастаах” газопровод үһүс утаҕын тутуу түмүктэннэ

19.11.2024, 12:19
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

Саха сирин Киин энергооройуоннарын гааһынан хааччыйыахтаах “Кыһыл Сыыр – Мастаах” газопровод үһүс утаҕын тутуу түмүктэннэ, диэн иһитиннэрдэ Ил Дархан Айсен Николаев.

2022 сылтан 2024 сылга диэри 83,5 км газопровод тутуллубут, үлэҕэ киллэрии сыл бүтүүтэ былааннанар. Эбийиэк этиллибит болдьоҕор түмүктэннэ, хас биирдии түһүмэххэ бырайыактаммыт документациятыгар сөп түбэһэрин туһунан үс түмүк оҥоһуллубут.

Бырайыак 456 киһи олорор 102 нэһилиэнньэлээх пууну хабар. Инникитин бу ситимҥэ атын нэһилиэнньэлээх пууннар холбонуохтара.

Бу эбийиэги тутууга федеральнай бүддьүөттэн 28 млрд солк. ыытыллыбыта, операторынан “Сахатранснефтегаз” хампаанньа буолар.

Маны таһынан эрэгийиэннээҕи ыстаап мунньаҕар Орто Түҥнээҕи гаастаах сиртэн Накыыннааҕы руда хостонор сирин производственнай былаһааккатыгар газопроводы тутууну дьүүллэстилэр. Гаас тиийдэҕинэ дизельнэй электроыстаансыйа айылҕа гааһынан үлэлиир буолуо, оччотугар айылҕаны буортулуура аччыа, экэнэмиичэскэй көдьүүһэ үрдүө этэ. Сыл бүтүөр диэри 60 км тутуллан бүтүөхтээх, 2025 сылга хаалбыт 100,7 км ситэриллиэхтээх.

Мунньахха Үөһээ Бүлүү улууһугар Бүлүү өрүс хаҥас кытылын гаастыырга “дорожнай каартаны” оҥоруу туһунан кэпсэттилэр. Бу былаан  эрэгийиэннээҕи Бырамыысыланнас уонна геология министиэристибэтигэр хайыы-үйэ сөбүлэһиигэ ыытылынна, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: