Саха сиригэр “Кыһыл Сыыр – Мастаах” магистральнай гаас ситимин 71 км утаҕа иһэрдилиннэ

Share

“Кыһыл сыыр – Мастаах” магистральнай гаас үһүс утаҕын 71 км гаас ситимин утаҕа иһэрдилиннэ уонна 58 км траншеяҕа угулунна.

Сыл бүтүүтэ Танара эбэни туоратыы торумнанар.

Санатан эттэххэ, былырыын муус устар 20 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев кыттыылаах “Кыһыл Сыыр – Мастаах” магистральнай гаас ситимин үһүс утаҕын түмүктүүр иһэрдии (сварка) ыытыллыбыта.

Онно Айсен Николаев: “Өрөспүүбүлүкэҕэ дьоһун суолталаах соругу Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин, РФ бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев өйөбүллэринэн быһаарылынна”, — диэбитэ.

Бу бырайыак гаас салаатыгар кэнники уон сылга саамай бөдөҥнөрө. Гаас ситимин үһүс утаҕын тутууну 2024 с. түмүктээһин Дьокуускай к., киин уонна илин эҥэр оройуоннары  гааһынан тохтоло суох хааччыйыаҕа. Саха сирин Киин энергооройуонун гааһы тиэрдии ситимигэр иккис түһүмэҕинэн “Таас Тумус – Дьокуускай” магистральнай гаас утаҕын саҥардан оҥоруу буолуоҕа.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыска: тустаах саайтан

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

3 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

6 часов ago