Саха сиригэр кыра суудуналар сырыылара саҕаланна

Саха сиригэр кыра суудуналар сырыылара саҕаланна

Ааптар:
05.06.2023, 17:35
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр кыра суудуналар сырыылара бэс ыйын 5 күнүттэн саҕаланыаҕа. СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистиэристибэтэ сырыы болдьоҕун бигэргэттэ.

Ол курдук, сырыы бэс ыйын 5 күнүттэн — Амма, Чурапчы, Таатта, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан, Уус Маайа, Мииринэй, Сунтаар, Нерюнгри, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай, Уус Алдан, Томпо, Нам, Кэбээйи, Ньурба, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар, Дьокуускайга уонна Жатайга саҕаланыаҕа;

Бэс ыйын 12 күнүттэн — Өймөкөөн, Муома, Дьааҥы, Эбээн Бытантай, Үөһээ Халыма, Орто Халыма, Эдьигээн, Өлөөн улуустарыгар;

Бэс ыйын 21 күнүттэн — Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Усуйаана, Аллараа Халыма, Булуҥ улуустарыгар;

Бэс ыйын 25 күнүттэн — Булуҥ улууһугар (Неелов уу тоҕойугар).

Суудуналар сырыыларын араспысаанньата уу эбийиэктэригэр быһыы-майгы хайдах туруктааҕыттан көрөн уларыйыан сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: