Кытай тылын сэҥээрии улаатар

Share

Саха сиригэр кытай тылын иккис омук тылын быһыытынан үөрэтэр кылаастар ахсааннара элбээбит. СӨ Үөрэх уонна наука министиэристибэтин иһитиннэриитинэн, кытай тылын билигин 700- тэн тахса оҕо үөрэтэр.

Ол курдук,  үөрэх Дьокуускай 23 уонна 26 №- дээх оскуолаларыгар, Хаҥалас уонна Нерюнгри оройуоннарын кыһаларыгар уруоктар ыытыллаллар. Кэккэ оскуолаларга бу тылы үөрэтэр куурустар аһыллыбыттар. Оттон кытай тылын иккис омук тылын быһыытынан үөрэппит норуоттар икки ардыларынааҕы Арктика оскуолатыгар 2023 сылтан дириҥэтэн үөрэтэр бөлөх тэриллибит.

«Кытай тылыгар интэриэс идэни ыларга үрдүк үөрэх кыһатын талыыны кытта сибээстээх. Арассыыйа уонна Кытай икки ардыларыгар экэнэмиичэскэй бииргэ үлэлээһин кэҥээн, биһиги дойдубутугар нуучча уонна кытай тылларын билэр исписэлиистэр наадалар. Ол иһин Арктическай оскуола кытай тылын иккис омук тылын быһыытынан үөрэтииттэн, дириҥэтэн үөрэтиигэ көспүтэ«, — диир дириэктэр Сардаана Татаринова. Кини этэринэн, оскуоланы бүтэрэллэригэр оҕолор кытай тылын балачча билиилэрэ Кытай уонна Арассыыйа үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар киирэннэр,  онно омук тылын үөрэтэллэригэр, ылар идэлэригэр көмөлөөх буолуоҕа.

Кытай Саха сирин тас экономикаҕа партнерунан буолар. Ааспыт сыл түмүгүнэн бу дойдуну кытта эргиэн кээмэйэ 3 млрд дуолларга тиийдэ уонна салгыы улаатар. Өрөспүүбүлүкэ Харбиҥҥа сыл ахсын Саха сирин уонна Кытай предпринимателлэрин икки ардыларыгар уонунан сөбүлэһиилэр түһэрсиллэр аан дойдутааҕы эргиэн-экэнэмиичэскэй дьаарбаҥкаларыгар кыттар. Хэйлунцзян провинциятын 19  куоратын, сирин уонна өрөспүүбүлүкэ муниципалитеттарын кытта бырааттыы сыһыан олохтоммута.

Алтынньы 17-18 күннэригэр ыытыллыбыт «Биир эргимтэ — биир айан» норуоттар икки ардыларынааҕы пуорум иитинэн, Хэйлунцзян провинциятын кытта бииргэ үлэлээһини дириҥэтэр туһунан сөбүлэһии түһэрсилиннэ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Быйыл икки аэропорду саҥардан оҥоруохтара

2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев…

5 часов ago