Саха сиригэр муниципалитеттар хамаандалара уопсастыбаннай эйгэлэри салайыыга бырайыактарын көмүскүөхтэрэ
Сарсын, сэтинньи 3 күнүгэр, «Точка кипенияҕа» куорат уонна тыа сирин нэһилиэктэрин хамаандалара уопсастыбаннай эйгэни салайыы бырагырааматын бырайыагын уонна муниципалитекка салайар структураны тэрийиигэ “суол каартатын” көмүскүөхтэрэ. Бу бырайыактары Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин куораттарын сайдыытын институтун үөрэтэр бырагырааматыгар олоҕуран баһылаатылар.
Куурус истээччилэрэ – Бэрдьигэстээх, Майа сэлиэньэлэрин, Жатай уонна Аллараа Бэстээх бөһүөлэктэрин, Бүлүү, Нерюнгри уонна Дьокуускай куораттар муниципалитеттара.
“Үөрэх бырагырааматын быраактыкатыгар киирэбит. Бастакы түһүмэххэ Саха сирин дэлэгээссийэтэ Казаҥҥа барыыта буолбута. Иккис түһүмэххэ онлайн-модуль этэ. Ый устата истээччилэри 4 хайысханан үөрэттибит. “Куорат аныгы эйгэтин тэрийии”: ис хоһооно, култуурунай бырагыраамалааһын, биисинэһи кытта үлэлэһии, өҥөнү оҥоруу”, — диэтэ Казань куораттар пааркаларын уонна сквердэрин дириэксийэтин салайааччыта Айгуль Латыпова.
Ол курдук, лиэксийэлэри иһиттилэр, уопсастыбаннай эйгэлэргэ экскурсияларга сырыттылар, кейстэри ырыттылар. Кинилэр Таалай күөл кытылын уонна Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын көрүү-истии, туһаныы өттүнэн көрдүлэр. Покровскай куоракка эмиэ сырыттылар.
Санатан эттэххэ, Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ” нацбырайыагынан 5 сыл устата 171 тиэргэн уонна 78 уопсастыбаннай эйгэ тупсарылынна.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: