Саха сиригэр муода эйгэтин хамсатыахтара
Кулун тутар 6 күнүгэр «Реинжиниринг системы моды в Якутии» диэн паблик-ток буолла. Тэрээһини СӨ сайдыытын корпорацията уонна «Beinopen» муода индустриятын сайыннарар институт тэрийдилэр.
Бу тэрээһин «Модная программа: марки, фабрики, ритейл» брендтэри үөрэтии чэрчитинэн ыытыллар, Саха сиригэр муода индустриятын бэрэстэбиитэллэрин сайыннарар сыаллаах. Бырайыак чэрчитинэн, Саха сирин брендтэрэ биисинэһи күүскэ сайыннаран, уопуттарын үллэстэн, омук фабрикаларын кытта сибээс олохтоон, кыттыһан үлэлэрин тэтимирдэллэригэр туһуланар.
Онлайн көрүҥүнэн үөрэтии кэмигэр бэйэлэрэ бренд оҥорбут 30 киһи түргэн кууруска үөрэниэхтэрэ. Кыайыылаахтар кэлиэксийэлэрин оҥорон таһааралларыгар үбүлээһини ылыахтара, Арассыыйа, омуктар фэшн-ритейлердэрин кытта үлэлэһиэхтэрэ.
Манна бары олохтоох дизайнердар, муода эйгэтин үлэһиттэрэ кыттыахтарын сөп.
Бырагыраамаҕа Алексей Баженов (Beinopen бренды төрүттээччи), Лена Максимова (muus brand), СӨ сайдыытын корпорациятын генеральнай дириэктэрэ Афанасий Саввин уо.д.а. кытталлар.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: