Саха сиригэр муора пордун тутууга былаһааккатын быһаараллар
Тиксии-Найба агломерациятын маастар-былаанын олоххо киллэрии чэрчитинэн Булуҥ оройуонугар муора пордун тутуохтара.
Билигин тутуу былаһаакката быһаарыллар. Учаастагы Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов уонна логист-тэрилтэ салайааччылара көрдүлэр. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс сулууспата иһитиннэрэр.
Порт тутуллар былаһааккатын гидрографическай усулуобуйатын учуоттаан, муора суудуналарын көрсөргө уонна харайарга сөптөөх балаһыанньатын көрөн талыллара бэлиэтэнэр. Саҥа эбийиэк Лаптевтар муора кытылыгар тутуллан Саха сирин хоту өттүгэр Тиксии кыраныыссатын кэҥэтиэҕэ.
«Бүгүн бастакы уочараттаах соругунан Уус Куйга бөһүөлэгэр дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйаҕа уонна Дьааҥы бөлөх оройуоннарын олоҕун-дьаһаҕын хааччыйар таһаҕаһы тиэйиигэ логистиканы тупсарыы буолар. Саха сирин Бырабыыталыстыбата «Росатом» судаарыстыбаннай корпорацияны кытта Хара Улах бухта оройуонугар гидрографическай чинчийиилэри ыытыы былааннанар», — диэн бэлиэтээтэ Дьулустаан Борисов.
Саха сирин бастакы вице премьерэ Тиксиитээҕи муора пордун кыраныыссатын кэҥэтиини учуоттаан муора пордун тутууга инвестициялыыр санаалааҕын туһунан декларацияны көннөрүү ыытылларын эттэ. Бу үлэҕэ «Ленморниипроект» бырайыактыыр тэрилтэ тардыллар. Тиксиитээҕи порт сыл аайы 10-30 тыһыынча туонна таһаҕаһы тиэрдэр. Тэхиниичэскэй баазата мөлтөх туруктаах, оборудованиета 90 %-тан тахса эргэрбит. Манна муора кытылын дириҥэтии эбии үлэлэр 1990-с сыллартан ыытыллыбатах, порка уу дириҥэ 10-тан 5 миэтэрэҕэ диэри аччаабыт.
Санатан эттэххэ, Тиксии-Найба агломерациятын маастар-былаана дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан оҥоһуллар. Икки нэһилиэнньэлээх пуун федеральнай таһымнаах Арктика тирэх пуунунан билиниллибитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: