Бэҕэһээ, ыам ыйын 9 күнүгэр, урукку сыллардааҕар үс күнүнэн эрдэлээн Ленскэй куорат аннынан өрүс эһиннэ. Муус алын өттө Ленскэй улууһун Ленскэй куорат аннынан, үөһэ өттө — Ленскэй улууһун Хамра сэлиэнньэтигэр, муус сэдэхтик устар.
Уу кутталлаах кирбиигэ тахсыыта бэлиэтэммэт. Муус 73 км сиринэн тайаан устар, суукка устата 73 км сыҕарыйбыт. Өлүөхүмэ куорат аннынан ыам ыйын 10-11 күннэригэр эстиэ диэн сабаҕалыыллар.
Амма өрүскэ муус хойуутук Амма, Чурапчы, Таатта улуустарынан устар. Муус барыытын аллараа өттө Таатта улууһун Даайа Амматыттан аллараа 17 км сиргэ бэлэтэнэр, муус хойуу. Муус үөһэ өттө Амма улууһун Төгүлтэ сэлиэнньэтинэн сэдэхтик устар. Уу кутталлаах таһымҥа тиийэ илик. Муус 479 км сиринэн устар, суукка устата 70 км сыҕарыйбыт.
Березовка өрүс нуорматтан 9 суукка эрдэлээн, ыам ыйын 9 күнүгэр Орто Халыма улууһун Березовка сэлиэнньэтигэр эһиннэ. Уу таһыма 713 см, кутталлаах таһым – 1000 см., муус хойуутук устар.
“Суукка устата суһал бөлөхтөр Өлүөнэ, Алдан, Амма өрүстэр гидрологическай туруктарын кэтээн көрдүлэр, Арассыыйа ЫБММ селекторынан мунньаҕар кытыннылар, БАС туһанан харыан сөптөөх учаастактары баран көрдүлэр, нэһилиэнньэ ортотугар сэрэтэр үлэни ыыттылар” – диэн СӨ ЫБММ кылаабынай управлениетын начаалынньыга Павел Гарин бэлиэтиир.
Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…