Саха сиригэр нацбырайыактарынан 170 эбийиэк тутуллубут
Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриитин алта сыл иһигэр 170 эбийиэк тутулунна: 44 оскуола, 24 оҕо уһуйаана, 62 мэдиссиинэ эбийиэгэ, 8 успуорт эбийиэгэ, 7 култуура дьиэтэ, 3 кырдьаҕастарга уонна инбэлииттэргэ дьиэ, 8 күргэ, 14 ууну ыраастыыр ыстаансыйа. Ону тэҥэ 1,3 тыһыынчаттан тахса айан суол өрөмүөннэммит.
Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар. «Национальнай бырайыактарга уонна бырагыраамаларга көхтөөхтүк кыттан кэнники алта сылга федеральнай бүддьүөттэн 381 млрд солк. үп-харчы көрүлүннэ. 395 социальнай инфраструктура эбийиэгин үлэҕэ киллэрдилэр», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр бэлиэтээбитэ. Национальнай бырайыактар чэрчитинэн 43 тыһыынча кэриҥэ киһи саахалланар уонна хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүллэн, уопсайа 750 тыһыынча квадратнай миэтэрэ иэннээх олорор аныгы оҥоһуулаах дьиэ үлэҕэ киирдэ. Ону тэҥэ 104 уопсастыбаннай сирдэр тупсарылыннылар. Саха сиригэр 13 куоратынан куорат эйгэтин хаачыстыбатын үүнүүтэ 2019 сылтан 2023 сылга диэри 8%-ҥа тэҥнэстэ. Биэс сыл устата ордук куорат эйгэтин хаачыстыбатын үүнүүтэ бэлиэтэннэ Дьокуускайга — 28,5%, Нерюнгрига — 18,3%, Өлүөхүмэҕэ — 30,7%. Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэрии кэмигэр 30 тыһыынча кэриҥэ нэһилиэнньэлээх пууннар ыраас иһэр уунан хааччылыннылар. Ону тэҥэ оскуолаларынан 8 тыһыынчаттан уонна оскуола иннинээҕи тэрилтэлэринэн 2 тыһыынчаттан тахса саҥа миэстэ тэрилиннэ.
Доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр миэдиктэргэ уонна ыарыһахтарга табыгастаах усулуобуйа оҥоһулунна. Меэдиссиинэ көмөтө өссө мобильнай буолла.
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн быйыл саҥа национальнай бырайыактар олоххо киирэллэр. Бу бырайыактар алта сыл устата араас соруктары толорууга суоттаннылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: