Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ биэс сыл устата 140 млрд солк. кэриҥэ көрүллүбүт

Share

Национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ биэс сыл иһигэр Саха сирэ федеральнай бүддьүөттэн 140 млрд солк. кэриҥэ үбү-харчыны туһанна, онтон бу национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ уопсайа 190 млрд солк. туһанылынна.

Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков Саха сирин ситэриилээх былааһын түмүк отчуотун быһа эпиирин кэмигэр иһитиннэрдэ.
Кини 2023 сылга национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ 70 млрд солк., ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 54 млрд солк. көрүллүбүтүн туһунан эттэ. Ааспыт сылга Саха сиригэр 57 социальнай эбийиэк тутуллан, 705 тыһыынча кв. миэтэрэ иэннээх дьиэ үлэҕэ киирбит.
Премьер-миниистир саамай бэлиэ эбийиэгинэн Дьокуускайга онкологическай киин үлэҕэ киирбитин бэлиэтээтэ. Кини онкологическай диспансер урут 25 куойкалаах эргэ дьиэҕэ үлэлээбитин туһунан санатта. Итини сэргэ демография үрдээһининэн кэлиҥҥи сылларга бырабыыталыстыба иннигэр саҥа оскуолалары уонна оҕо уһуйааннарын тутууга, доруобуйа харыстабылын тиһигин сайыннарыыга соруктар туралларын бэлиэтээтэ.

Сиһилии манна көр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago