Саха сиригэр Найба муора пордун инфраструктуратын тутуутун туһунан быһаарыы ылылынна
РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыыларыгар миниистирин бастакы солбуйааччы Гаджимагомед Гусейнов Найбаҕа муора пордун инфраструктуратын тутуутун туһунан Саха сирин бырабыыталыстыбатын этиитин өйөөтө.
Булуҥ улууһугар дьыалабыай сырыытын кэмигэр Гаджимагомед Гусейнов уонна Саха сирин бырабыыталыстыбатын премьерэ Кирилл Бычков Тикси бөһүөлэгэр уонна Найба сэлиэнньэтигэр сырыттылар. Кирилл Бычков кэпсииринэн, муора пордун тутуу бастакы түһүмэҕэр причал истиэнэтин тутуута уонна үс кырааны үлэҕэ киллэрии буолуоҕа.
«Бу инфраструктура Уус Куйгаҕа дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйаны тутууга уонна сиртэн хостонор баайдары хостуур тэрилтэлэр бырайыактарын олоххо киллэриигэ көмөлүөҕэ, генеральнай таһаҕаһы сайыннарыыга Күчүс бырамыысыланнай кластерыгар ананыаҕа», — диэтэ Саха сирин премьерэ.
Найбаҕа муора пордун тутуутун тутаах төрүөтүнэн олохтоох акватория 14 миэтэрэ дириҥнээҕэ буолар, онон манна ханнык баҕарар суолталаах улахан туонналаах муора суудуналарын көрсөргө кыах бэриллэр. Найба муора терминалын тутуу уопсай сыаната 85 млрд солк. тахса суумаҕа сыаналанар. Балтараа тыһыынчаттан тахса саҥа үлэ миэстэтэ таһаарыллыаҕа. Тиксии уонна Найба Российскай Федерация Арктическай зонатын 16 тирэх нэһилиэнньэлээх пууннарын испииһэгэр киллэриллибитэ. Агломерация маастар-былаана Владимир Путин сорудаҕынан оҥоһулунна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: