Саха сиригэр Найба муора пордун инфраструктуратын тутуутун туһунан быһаарыы ылылынна

Share

РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыыларыгар миниистирин бастакы солбуйааччы Гаджимагомед Гусейнов Найбаҕа муора пордун инфраструктуратын тутуутун туһунан Саха сирин бырабыыталыстыбатын этиитин өйөөтө.

Булуҥ улууһугар дьыалабыай сырыытын кэмигэр Гаджимагомед Гусейнов уонна Саха сирин бырабыыталыстыбатын премьерэ Кирилл Бычков Тикси бөһүөлэгэр уонна Найба сэлиэнньэтигэр сырыттылар. Кирилл Бычков кэпсииринэн, муора пордун тутуу бастакы түһүмэҕэр причал истиэнэтин тутуута уонна үс кырааны үлэҕэ киллэрии буолуоҕа.

«Бу инфраструктура Уус Куйгаҕа дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйаны тутууга уонна сиртэн хостонор баайдары хостуур тэрилтэлэр бырайыактарын олоххо киллэриигэ көмөлүөҕэ, генеральнай таһаҕаһы сайыннарыыга Күчүс бырамыысыланнай кластерыгар ананыаҕа», — диэтэ Саха сирин премьерэ.

Найбаҕа муора пордун тутуутун тутаах төрүөтүнэн олохтоох акватория 14 миэтэрэ дириҥнээҕэ буолар, онон манна ханнык баҕарар  суолталаах улахан туонналаах муора суудуналарын көрсөргө кыах бэриллэр. Найба муора терминалын тутуу уопсай сыаната 85 млрд солк. тахса суумаҕа сыаналанар. Балтараа тыһыынчаттан тахса саҥа үлэ миэстэтэ таһаарыллыаҕа. Тиксии уонна Найба Российскай Федерация Арктическай зонатын 16 тирэх нэһилиэнньэлээх пууннарын испииһэгэр киллэриллибитэ. Агломерация маастар-былаана Владимир Путин сорудаҕынан оҥоһулунна.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөннөр байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын көрүстүлэр

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…

5 часов ago
  • Сонуннар

Матвей Евсеев хайа рудатын национальнай хампаанньатын салайааччытынан ананна

"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…

5 часов ago
  • Сонуннар

АЛРОСА АК уонна “Анаабыр алмаастарыгар” махтанабыт

Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…

6 часов ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Ытык Күөлгэ лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ

Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Тоҥ балык» күрэһин кыайыылааҕар — 100 тыһыынча солкуобай

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Култуура ханнык тэрилтэлэригэр босхо сылдьыахха сөбүй?

Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…

6 часов ago