Саха сиригэр «Нелегал-2024» эпэрээссийэ II түһүмэҕэ бара турар
Тэрээһиҥҥэ полиция бары территориальнай отделларын үлэһиттэрэ, Арассыыйа ФСБ-тын Саха сиринээҕи салалтата уонна Тырааныспарка линейнай отдел полициятын үлэһиттэрэ кыттыыны ылаллар диэн ИДьМ Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Суукка иһигэр 396 омук гражданина бэрэбиэркэлэннэ. Дьокуускай, Мииринэй, Алдан, Бүлүү куораттарыгар, Дьааҥы, Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба уонна Хаҥалас улуустарыгар миграционнай сокуону 44 административнай кэһии баара бэлиэтэннэ. Уопсайа 90 000 солкуобай суумалаах административнай ыстараап уурулунна, итинтэн суукка иһигэр 20 000 солкуобай төлөннө.
Миграционнай полиция үлэһиттэрэ Арассыыйа Федерациятын иһигэр киириини икки киһиэхэ бобулларын туһунан быһаарыыны ылыннылар. Итини таһынан Хаҥалас улууһун Бэстээх бөһүөлэгэр «эрэһиинэ кыбартыыра» баарын буллулар. Матырыйаал РФ Холуобунай кодексатын 322.2 ыстатыйатыгар ыйыллыбыт бэрээдэгинэн регистрацияланан, процессуальнай бэрэбиэркэ саҕаланна.
Арассыыйа ИДьМ-тын Алдан оройуонунааҕы отделын холуобунай дьыаланы ирдиир салалтатын үлэһиттэрэ дойдутугар күлүгээннээн норуоттар икки ардыларынааҕы көрдүүр испииһэккэ киирбит Таджикистан төрүт олохтооҕун туттулар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: