Өрөспүүбүлүкэ киин куоратын уонна оройуоннарын култуура тэрилтэлэрэ сэтинньи 4 күнүнээҕи Норуот сомоҕолоһуутун күнүн көрсө бырагырааманы бэлэмнээтилэр.
Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр мусуойдар, бибилэтиэкэлэр, култуура кииннэрин, норуот айымньытын дыбарыастарыгар уонна ыччат уопсастыбаннай тэрилтэлэригэр үгүс интэриэһинэй тэрээһиннэр буолуохтара.
Дьокуускай куоракка кэлэр нэдиэлэ устата “Арассыыйа норуоттарын үгэстэрэ уонна култуурунай нэһилиэстибэлэрэ”, “Киэн туттар бэлиэлэрбит”, “Мин дьиэм. Мин Арассыыйам”, “Биһиги бииргэбит”, “Минин уонна Пожарскай”, “Сомоҕолостохпутуна – биһиги кыайтарбаппыт” быыстапкалар буолуохтара. Ол барыта “Точка кипения” кииҥҥэ буолуоҕа.
Үгэс буолбут “Улахан этнографическай диктант” норуоттар икки ардыларынааҕы сырдатар аахсыйа тэриллэр.
Устуоруйа тиэмэтигэр оскуолаларга уонна орто анал үөрэх кыһаларыгар аһаҕас уруоктар, кылаас чаастара, кинигэ быыстапкалара, “Дьоһун суолталааҕы кэпсэтии” дьарык ыытыллыахтара.
“Симэх” норуот прикладной искусствотын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинигэр ахсынньыга диэри Арассыыйа норуоттарын ааптарыскай куукулаларын быыстапката көрөөччүлэри түмүөҕэ.
Сэтинньи 4 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” устуоруйа пааркатыгар национальнай көстүүмнэри, бүлүүдэлэри көрдөрүөхтэрэ. Национальнай көстүүмнээх куукулалары туруоруохтара. “Саха сирин норуоттарын өрөспүүбүлүкэ олоҕор-дьаһаҕар уонна экэниэмикэтигэр кылааттара” тиэмэҕэ экскурсия, Арассыыйа норуоттарын оонньуулара уонна таабырыннара.
Сэтинньи 3 күнүгэр Дьокуускайга Донецкай уонна Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр, ону тэҥэ Запорожье уонна Херсон уобаластарын олохтоохторугар көмөлөһөр “Бары бииргэбит!” аһымал кэнсиэрт буолуоҕа.
Мииринэйгэ Саха АССР 100 сылыгар анаммыт национальнай култууралар бэстибээллэрэ, Дьокуускайга “Саха сирэ түмэр. Нациялар ыччаттара – инникини көрүү” Уһук Илиннээҕи пуорум буолара күүтүллэр.
Саха сирин олохтоохторун онлайн-тэрээһиннэргэ ыҥыраллар. СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэ “Арассыыйа биһиги сүрэхпитигэр” аахсыйаны тэрийэр, онно кыттарга анал хештегтэри ыйан видеоны эбэтэр хаартысканы таһаарыахтааххыт, ВКонтакте түмсүүгэ vk.com/minmolykt сигэнэн киирэн сиһилии билсиҥ.
Өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр эмиэ тэрээһиннэр буолуохтара. Ол курдук, Санкт Петербурга “Палата ремесел” уустар быыстапкалара, Москваҕа “Арассыыйа норуоттара” Бүтүн Арассыыйатааҕы үһүс пуорум тэриллиэхтэрэ. Приморскай кыраайга Национальнай култууралар бэстибээллэригэр Саха сириттэн төрүттээхтэр кыттыахтара.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыска: тустаах саайтан
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…